Дьокуускай куорат саҥа «Звезднай» түөлбэтигэр билиҥҥитэ элбэх кыбартыыралаах 7 дьиэ үлэҕэ киирэн турар. Бүгүҥҥү туругунан өссө элбэх кыбартыыралаах 10 дьиэни тутуу бара турар. Мантан быйыл сэттэтэ үлэҕэ киириэхтээх.
Бу туһунан Ил Дархан пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Итини таһынан Сабыылаах каток уонна 112 МВт кыамталаах квартальнай хочуолунай тутулла турар. Сабыылаах каток 5000 кв.м тахса иэннээх икки этээстээх тутуу буолар. Манна хоккейдыыр корт, керлинниир сир, успуорт саалата, эти-хааны сынньатарга-чэбдигирдэргэ аналлаах итиэннэ административнай хос, быраас хоһо, тренажернай саала баар буолуохтара.
Саҥа микрооройуоҥҥа 990 миэстэлээх оскуола, 600 киһи көрдөрүнэригэр поликлиника, 315 миэстэлээх оҕо саада тутуллара былааннанар.
«Микрооройуоннары маннык тиһиктээхтик сайыннарыы киин куорат тэтимнээхтик сайдарыгар, дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар кыаҕы биэриэ диэн эрэнэбин. Биһиги куорат баһылыгын кытары бу боппуруостары дьүүллэспиппит», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээн турар.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…