16 саастаах уол массыынаттан харчыны уорууга уорбаланар
16.09.2024, 12:00
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:
Алдан оройуонугар 16 саастаах уол массыынаттан харчыны уорууга уорбаланар. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ буруйу оҥорууга кини кыттыгастааҕын суһал-ирдиир тэрээһиннэри ыытан быһаардылар. Бу уол уоруунан эрдэ сууттана сылдьыбыт эбит. Билигин кинини өссө хас даҕаны буруйу оҥорууга уорбалыыллар.
Барыллаан дааннайдарынан, уол хатамматах массыыналары кэрийэн сыаналаах малы-салы, харчыны уорар эбит.
Полиция бу эдэр киһини суут биир ыйга кэтииригэр быһаарыныы ылынарыгар сөптөөх дакаастабылы хомуйда.
+1
+1
+1
1
+1
+1
1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: