Киин куоракка уот ситимэ быстыбытын оҥордулар

Киин куоракка уот ситимэ быстыбытын оҥордулар

Ааптар:
06.01.2025, 17:16
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар.

Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка  Жорницкай, Рыдзинскай, Клара Цеткин, Халтурин уонна Дзержинскэй уулуссаларын электроэнергиянан хааччыллыытын чөлүгэр түһэрдилэр. Электроэнергиянан хааччахтааһын тохтотулунна.

Санатан эттэххэ, бүгүн  күнүс 12:00 чаастан тастын хампаанньа анал тиэхиньикэтэ буору хаһыыга «Клара Цеткин» трансформаторнай подстанцияҕа холбоммут 6 кВ кыамталаах лииньийэни быспыта. Ол түмүгэр «5 кыбаартал» уот лииньийэтин ситимэ араарыллыбыта. Быһылаан туһунан иһитиннэрии быраабы араҥаччылыыр уорганнарга тиэрдиллибитэ, диэн «Якутскэнерго» ААУо киин электрическэй ситимнэрин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
8 января
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: