«Уһук Илин уокурукка Саха сирэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта үрдээһинин көрдөрүүтүгэр лиидэринэн буолабыт», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия24» ханаал «Якутия, вперед» биэриитигэр иһитиннэрдэ.
Ону сэргэ, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев үгэс буолбут тохсунньутааҕы Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэр салайааччыларын кытта көрсүһүүтүн кылгастык кэпсээтэ. Бырамыысыланнас уонна дохуот чааһа үрдүүрүгэр улахан соруктар туралларын эттэ.
«Бу сыллар тухары өрөспүүбүлүкэ да, федеральнай да бүддьүөт суотугар 300-чэ улахан социальнай эбийиэктэр тутулуннулар. Быйыл өссө улахан соруктар тураллар. Биһиги 72-тэн итэҕэһэ суох социальнай эбийиэги тутар санаалаахпыт, ол иһигэр Саха сирин историятыгар аан бастаан, 20-тэн аҕыйаҕа суох оскуоланы тутуохтаахпыт. Бу олус суолталаах сыыппара, онуоха бу кыра эрэ буолбакка, улахан оскуолалар эмиэ бааллар. Олус улахан боппуруос, манна сүрүннүүр үлэ сөпкө барыан наада», — диэн Айсен Николаев эттэ.
Тустаах тэрилтэлэр, хонтуруоллуур уорганнар өттүлэриттэн бииргэ үлэлээһин баран, оҕолорбут үчүгэй хаачыстыбалаах, тупсаҕай оҥоһуулаах оскуолаларга үөрэнэ киириэхтэрэ диэн эрэнэрин биллэрдэ.
2023 сыл историяҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылынан эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ 20-тэн тахса оскуола биир сылга тутуллан киирбитинэн аттаныа диэн эттэ Ил Дархан.
Бу күннэргэ Нам улууһугар оҕуруот аһын уонна хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбалар субсидия (көмө харчы)…
Оҕону иитэ ылар ыалга (эппэкииннэргэ, попечителлэргэ) биирдэ бэриллэр төлөбүр төлөнөр. Кинилэр РФ гражданнара буолуохтаахтар уонна…
Бу күннэргэ дойду тэбэр сүрэҕэр, Москва куоракка, «Хоту сир баайа. Арассыыйа маастардара уонна худуоһунньуктара» быыстапка-дьаарбаҥка…
Муус устар 30 күнүгэр уонна ыам ыйын 1 күнүгэр Күҥҥэ күүстээх эстиилэр буоллулар. Онон ыам…
Ойуур баһаардара дьон олоҕор, кыылга-сүөлгэ уонна үүнээйилэргэ улахан кутталы үөскэтэллэр. Ойуур хаһаайыстыбатын сулууспатыгар эрийэн тиийэр…
Ыам ыйа - Айыыһыт түһэр кэмэ. Саха айылҕаҕа сүгүрүйэн, араас туому толорор. Сайын саҕаланар. Иэйиэхсит…