Эһиил дьиэ кэргэн хапытаала 779 тыһыынча солкуобайга тиийиэҕэ
2023 сылтан Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн хапытаалыгар индексация оҥоһуллан, иккис оҕоҕо бэриллэр дьиэ кэргэн хапытаала 779 тыһыынча солкуобайга тиийиэҕэ. РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, эбиллии 2023 сыл олунньу 1 күнүттэн саҕаланыаҕа.
Индексацияны учуоттаан, дьиэ кэргэн хапытаала 2023 сылга бастакы оҕоҕо 589,5 тыһыынча солкуобай (2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 65 тыһыынча эбиллэр), иккис оҕоҕо — 779 тыһыынча солкуобай (85,9 тыһыынча эбиллэр).
2020 сылтан дьиэ кэргэн хапытаалынан иккис эрэ буолбакка, бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ эмиэ туһаныахха сөп. Өскөтүн дьиэ кэргэн бастакы оҕотугар дьиэ кэргэн хапытаалын оҥотторбут буоллаҕына, иккис оҕоҕо төлөбүрэ 189,5 тыһыынча буолуоҕа (20,9 тыһыынча эбиллэр).
Арассыыйаҕа 2007 сылтан олоххо киллэриллибит дьиэ кэргэн хапытаалын үбүн олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарарга, үөрэх төлөбүрүгэр, инбэлиит оҕолорго табаары ыларга уонна араас өҥөнөн туһанарга, ийэ биэнсийэтигэр уурунууга туттуохха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: