203-с түөлбэҕэ полиция пууна арылынна

203-с түөлбэҕэ полиция пууна арылынна

11.11.2022, 14:35
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка 203-с түөлбэ 8-с куорпуһугар Ис дьыала уорганнарын үлэһитин күнүгэр полиция учаастагын пууна арылынна. Пууҥҥа икки үлэһит күнүстэри-түүннэри баар буолуохтара.

Бу түөлбэҕэ полиция пууна арылларын өр кэтэспиттэрэ, олохтоохтор туруорсубуттара. Үөрүүлээх арыллыыга куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев кыттыыны ылла.

Түгэнинэн туһанан, ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин идэлээх күннэринэн эҕэрдэлиибин. 203-с түөлбэ – куоракка саамай элбэх киһилээх, аныгы микрооройуон буолар. Сайын пляж аһылыннаҕына, киһитэ өссө элбиир. Участковайдар полицияны уонна нэһилиэнньэни ситимнээччилэр, гражданнар бырааптарын көмүскээччилэр буолаллар, — диэн кини бэлиэтээтэ.

Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин күнүгэр Дьокуускайга 11-с ахсааннаах пууну арыйарбыт сүрдээх үөрүүлээх. Бу 4-с №-дээх полиция отделын бэһис пууна буолар. Эһиил, ИДьМ полиция участковайдарын сулууспата тэриллибитэ 100 сылыгар, куораппытыгар өссө хас да пуун аһыллыа диэн энэрэбит, — диэн ИДьМ “Якутское” управлениетын начаалынньыга, полиция полковнига Михаил Кондаков эттэ.

Оттон 203-с түөлбэ олохтоохторун ааттарыттан Старосталар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Наталья Луковцева тыл эттэ, махтанна:

Полиция участковайа уопсастыбаннай бэрээдэги көрүүгэ уонна буруйу оҥорууну утары охсуһууга олус суолталаах киһи. Саҥа пуун биһиги олорор түөлбэбит уонна Дьокуускай куорат олохтоохторо холкутук утуйалларыгар, бэрээдэги көрүүгэ кылааттарын киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбит. Полиция пууна олорор сиртэн чугас баара ордук суолталаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: