Салгыы
25-гэр диэри саастаах эдэр ыалга харчынан эбии төлөбүр туһунан

25-гэр диэри саастаах эдэр ыалга харчынан эбии төлөбүр туһунан

19.10.2023, 09:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн Саха сиригэр 25-гэр диэри саастаах эдэр дьон аан бастаан ыал буолалларыгар биир кэмнээх харчынан көмө эбии оҥоһуллуо.

Алтынньы 18 күнүгэр тустаах сокуон барыла парламеҥҥа бастакы ааҕыыны ааста. Ол эбэтэр Судаарыстыбаннай мунньах (Ил Түмэн) пленарнай мунньаҕар «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьиэ кэргэн, ийэ, аҕа уонна оҕо аймах харыстабылын туһунан» өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоҥҥа уларыйыылар киллэриллэллэр. Норуот дьокутааттара сокуон барылын ылыныыны бастакы ааҕыыга бигэргэттилэр. Саҥаны киллэриилэргэ 25-гэр диэри саастаах эдэр дьон аан бастаан ыал буолалларыгар харчынан биир кэмнээх төлөбүр быһыытынан эбии өйөбүл 2024 сылтан олохтонорун туһунан баар.
«Бу боппуруос олус суолталаах уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтөргө, статуһун үрдэтэргэ эрэ буолбакка, уопсайынан оҕо төрөөһүнэ элбииригэр көмөлөһүө дии саныыбын», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.
Өйөбүл бу эбии көрүҥүн олоххо киллэрэргэ сыл аайы судаарыстыбаннай бүддьүөттэн 85 мөлүйүөн солкуобай ирдэниэҕэ.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
3 мая
  • 2°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 48% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: