31 күн устата төгүрүктээһиҥҥэ
Саха сириттэн төрүттээх Булчут байыас салайар “Ахмат” кимэн киирии бөлөҕүн 24 байыаһа 31 күн устата төгүрүктээһиҥҥэ утарсыыны оҥорбуттар. Бу туһунан Военкоры Якутии телеграм ханаалга сырдаталлар.
“Булчут” Саха сириттэн төрүттээх, аҕата нуучча, ийэтэ саха, кэргэннээх, үс оҕолоох. Бэйэтин баҕатынан төрөөбүт дойдутун көмүскүү кэлбитэ. Өстөөх Курскай уобалас сиригэр киирбитигэр Мартыновкаҕа Колизей диэн ааттаабыт учаастакпытыгар ыыппыппыт. Кини манна бөлөх старшайынан анаммыта. “Ахмат” Питер бөлөҕүн 24 байыаһа барыта 31 күн устата сэриилэстэ” – диэн хамандыырдара кэпсиир. Бу 31 күн устата бөлөх төгүрүктээһиҥҥэ сыппыт.
Судургутук быһаардахха, өскөтүн тустаах бөлөх кэннинэн чугуйбута эбитэ буоллар, өстөөх манан сүрүн трассаҕа тахсан дойду сиригэр-уотугар хаардыы хааман киириэхтээҕэ. “Чугуйар туһунан өйбүтүгэр да суоҕа, оннук бирикээс суоҕа, бүтэһиккэ диэри киирсэр санаалаахпыт. Стратегическай суолталаах туочука этэ. Өскөтүн биһиги төттөрү барбыппыт буоллар, өстөөх Курскай уобаласка, Курчатовкаҕа быһалыы ааһыахтааҕа. Бүтэһик уон күн уустук этэ”, – диэн рота хамандыырын солбуйааччы Булчут этэр.
Булчут дойдутун туһугар тугунан да кэмнэммэт хорсун быһыытын иһин, кинини Арассыыйа Дьоруойа аатыгар түһэрбиттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: