Аан дойдутааҕы бэстибээлгэ Саха сирин дэлэгээттэрэ Африкаттан кэлбит ыалдьыттары арыаллыыллар
Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлигэр Саха сирин дэлэгээссийэтэ барыта 40-тан тахса киһини кытары шефтэстэ. Бу социокултуурунай шефтэһии Гвинея, Лесото, Либерия, Гана уонна Комор арыыларын бэрэстэбиитэллэрин кытары олохтонно.
—Сочига РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллар далааһыннаах тэрээһиҥҥэ ыччаттар түмсэллэр. Саха сирэ Африкаттан кэлбит дьону арыаллыыр. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирэ волонтер үлэтигэр улахан үөрүйэхтээх. Онон Африка бэрэстэбиитэллэр истиҥ көрсүһүү тэриллибититтэн сэргээбит буолуохтаахтар, — диэн этэр СӨ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина.
Африкаттан кэлбит ыалдьыттар Арассыыйа саамай улахан эрэгийиэнин, саамай тымныы кыһыннаах Саха сирин, онно ураты сиэрдээх-туомнаах, үгэһи тутуһар кэрэ, муударай норуот олорорун туһунан олус кэрэхсээн иһиттилэр. Айсен Деллохов хомуска дьүрүһүтүүтүн, кыыл-сүөл саҥатын, чыычаах ырыатын, айылҕа дьикти кэрэтин оонньоон иһитиннэрбитин наһаа сөхтүлэр, хайҕаатылар.
—Мин Ганаттан сылдьабын. Оскуолаҕа англия тылын үөрэтэбин. Саха сиригэр бара сылдьыахпын наһаа баҕардым. Онно саха аһын-үөлүн амсайыахпын, дьону-сэргэни кытары билсиэхпин олус баҕарабын. Саха сириттэн кэлбит бэстибээл кыттыылаахтара наһаа аламаҕайдар, истиҥ-иһирэх сыһыаннаахтар, — диэн Николас Кваме санаатын үллэһиннэ.
Саха сирин дэлэгээттэрэ дьон-сэргэ ханна да кэрэхсээн истэр «Саха үҥкүүтэ» ырыатыгар доҕуһуоллатан флешмобтаатылар уонна бука барыларын оһуокайга ыҥыран түмэ тартылар.
Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлэ Сочига кулун тутар 1-7 күннэригэр ыытыллар. Бу далааһыннаах тэрээһиҥҥэ Арассыыйа бары эрэгийиэннэриттэн, тас дойдулартан уопсайа 20 тыһыынчаттан тахса эдэр дьон түмсэр.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3390020 манна киирэн көрүөххэ сөп.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: