Былырыын Саха сиригэр киэҥ хабааннаах неонатальнай-генетическэй скрининг 11059 саҥа төрөөбүт кырачааҥҥа (99%) оҥоһулунна. Ол түмүгэр биир «ДиДжорджи» синдромун сибикитэ булулунна.
Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Киэҥ хабааннаах неонатальнай скрининг бырагыраамата дойдуга 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕаламмыта. Кырачаан төрөөбүтэ бастакы күннэригэр ылыллыбыт хаан анаалыһыттан төрүүрүгэр уонна утумунан бэриллибит ыарыылары саҥа сайдар кэмнэригэр быһаараллар.
Утумунан бэриллэр 36 ыарыыны чинчийии былырыыҥҥыттан ыытыллыбыта. Скрининг ыарыыны эрдэ булар уонна эмтэниини суһаллык саҕалыыр туһугар ыытыллар. Ити төрүүллэригэр ыарыылаах кэлбит кырачааннар олохторун хаачыстыба биллэ тупсарыгар көмөлөһөр, инбэлииккэ тахсыы уонна өлүү кутталын аҕыйатар.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин неонатальнай скрининг бырагырааматын түһүмэҕинэн кэҥэтэргэ эрэгийиэннэр бырабыыталыстыбаларыгар уонна салалталарыгар сорудахтаабыта.
СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…
Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…