Ааспыт сылга Саха сиригэр 9 тыһыынча кэриҥэ ыал Уһук Илиҥҥи ипотеканан туһаммыт

Share

2023 сыл түмүгүнэн икки бырыһыаннаах Уһук Илиҥҥи ипотеканан 8882 Саха сирин ыала туһаммыт. Бу туһунан СӨ Тутууга миниистирэ Виктор Романов иһитиннэрэр.

«2023 сыл иһигэр барыта 47,3 млрд солк. суумаҕа 8882 кирэдьиит бэриллибит. Ол иһигэр олорор дьиэни туттуу бырагырааматынан 19,1 млрд солк. суумаҕа 3 449 кирэдьиит оҥоһуллубут», — диэн Романов иһитиннэрэр.

Кини этэринэн, бырагыраама олохтонуоҕуттан Саха сиригэр барыта 103,7 млрд солк. суумаҕа 21 тыһыынча ипотека бэриллибит.

Уһук Илиҥҥи ипотека тиэмэтэ бу күннэргэ Юрий Трутнев ыыппыт «тохсунньутааҕы мунньахха» биир сүрүн боппуруоһунан буолбут. Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ — РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы бэлиэтээбитинэн, бу чэпчэтиилээх бырагырааманан 100 тыһыынча кэриҥэ ыал дьиэ атыыласпыт уонна туттубут эбит.

Бу бырагыраама баар буолан, Уһук Илиҥҥи уокурукка дьиэни тутуу көрдөрүүтэ 25% үрдээбит. Өрөспүүбүлүкэбит тутууга үс бастыҥ көрдөрүүлээхтэр истэригэр киирэр.

Санатан суруйдахха, «Уһук Илиҥҥи ипотека» Владимир Путин көҕүлээһининэн 2019 сыллаахха баар буолбута.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

6 часов ago