«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалыгар 450-тан тахса босхо юридическай көмө оҥоһулунна.
Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэригэр — байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна олохторун толук уурбут байыастар дьиэ кэргэттэригэр юрист көмөтүн босхо оҥоруу салҕанар.
«2023 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн пуонда филиала 450-тан тахса көмөнү оҥордо», — диэн этэр бу пуонда филиалыгар быраап боппуруостарыгар салайааччытын солбуйааччы Александр Захаров.
Социальнай сүрүннээччилэр көмөлөрүнэн эрдэ сурутуунан, филиал былаһааккатыгар СӨ борокуруордара, СӨ Адвокат балаататын адвокаттара, СӨ Киһи быраабыгар боломуочуйалаах гражданнары кытары көрсөллөр.
Санатар буоллахха, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин ыйааҕынан тэриллибитэ. Саха сиригэр, атын эрэгийиэннэргэ курдук, филиал 2023 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3395474 манна ааҕыҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…
2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…