Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа уочараттаах былаанныыр мунньаҕы ыытта

Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа уочараттаах былаанныыр мунньаҕы ыытта

25.03.2024, 16:45
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, кулун тутар 25 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын салалтатын уонна Ил Дархан, Бырабыыталыстыба дьаһалтатын кытта уочараттаах былаанныыр мунньаҕы ыытта.

Айсен Николаев Арассыыйа Бырабыыталыстыбата хоту таһаҕаһы таһыыны кэтээн көрөр федеральнай судаарыстыбаннай информационнай систиэмэ туһунан уурааҕы бигэргэппитин иһитиннэрдэ.

“Бу федеральнай судаарыстыбаннай информационнай систиэмэ хотугу киин тиэйиини  былаанныыры хааччыйыаҕа уонна ол туолуутугар куттал үөскүүрүн кэмигэр булуоҕа, сөптөөх логистическай маршруттары оҥорорго көмөлөһүөҕэ”, — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

Кини ыраах хотугу сир олохтоохторун аһынан-үөлүнэн, бастакы ирдэнэр табаарынан тохтоло суох хааччыйыы боппуруоһунан федеральнай быһаарыылар өрөспүүбүлүкэ холобуругар үлэлээбитин санатан эттэ. Былырыын атырдьах ыйыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин хотугу таһаҕаһы таһыы  быраап уонна тэрээһин өттүгэр тирэҕи тэрийэр сокуоҥҥа илии баттаабыта.

Айсен Николаев тустаах быһаарыылар хоту таһаҕаһы таһыыны тэрийии өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар таһымнаах үлэтин кытта дьүөрэлэһиэхтээҕин бэлиэтээтэ.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан тыа сирдэригэр, улуус кииннэригэр уонна кыра куораттарга үлэлиир мэдиссиинэ үлэһиттэригэр ыйдааҕы социальнай төлөбүр кээмэйэ үрдээбит. Ол курдук, 50 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх улуус уонна учаастактааҕы балыыһалар, поликлиникалар уонна атын бастакы сүһүөх тэрилтэлэр быраастарыгар социальнай төлөбүр кээмэйэ 50 тыһ. солк. диэри эбиллибит. Мэдиссиинэ орто персоналыгар социальнай төлөбүр кээмэйэ 30 тыһ. солк. тэҥнэһэр.

50-100 тыһ. киһи олорор нэһилиэнньэлээх пууннарыгар үлэлиир быраастарга төлөбүр 29 тыһ. солк. буолуо, орто персоналга – 13 тыһ. солк.

Үрдэтиллибит кээмэйдээх төлөбүрдэр номнуо кулун тутар 1 күнүттэн ананаллар, ааһан эрэр ыйдааҕы төлөбүрү миэдиктэр муус устарга ылыахтаахтар. Үрдэтиллибит төлөбүрү Арассыыйа балыыһаларын уонна поликлиникаларын 200 тыһ. тахса үлэһитэ ылыаҕа.

“Өйөбүл бу миэрэтэ өрөспүүбүлүкэ үгүс нэһилиэнньэлээх пуннарын хабыаҕа. Дойду Бэрэсидьиэнин быһаарыытынан олохтоммут, үрдэтиллибит төлөбүрү номнуо муус устарга биһиги миэдиктэрбит ылалларын хонтуруоллуур ирдэнэр”, — диэн Айсен Николаев сорудахтаата.

Ил Дархан “Жатайдааҕы судоверфь” АУо аахсыйатын өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр биэрии суруллубутун иһитиннэрдэ. Онон сибээстээн, үрдүк технологиялаах Жатайдааҕы суудунаны тутууну тэрийии инвестиционнай бырайыагын олоххо киллэрии бастакы түһүмэҕин түмүктээһин үлэтин тэтимирдэр ирдэнэрин бэлиэтээтэ.

Ону тэҥэ, Айсен Николаев федеральнай хааһынаттан эрэгийиэннэргэ эбии үбүлээһин көрүллүбүтүн туһунан иһитиннэрдэ уонна кэккэ сорудахтары биэрдэ.

Ол курдук, 1 млрд. солк. Арассыыйаҕа социальнай гаастааһын бырагырааматыгар ананар. Кырдьаҕас дьону уонна инбэлииттэри уһун кэмнээх көрүүгэ көмөлөһөр бырагырааманы олоххо киллэриигэ  4 млрд. солк. тахса эбии үп эрэгийиэннэргэ көрүллүбүт.

Мунньах иитинэн Айсен Николаев болҕомтону бу нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар тэрээһиннэргэ  туһаайда: СӨ кыһыҥҥы көрүҥнэригэр V Спартакиадаҕа, СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир олохтоох бэйэни салайыныы Сэбиэтин мунньаҕар, “Развитие, основанное на доверии” киин  “Университеты и развитие геостратегических территорий” ХИФУ III пуорумугар.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: