Никита Андреев: «Оҕону үлэҕэ сыһыарарга болҕомто ууруллара улахан суолталаах»

Никита Андреев: «Оҕону үлэҕэ сыһыарарга болҕомто ууруллара улахан суолталаах»

26.04.2024, 10:43
Сайаана Львова хаартыската
Бөлөххө киир:

Ил Дархан бэҕэһээ киэһэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө, быһа эпииргэ тахсан сайдыы хайысхаларын, үтүө бачыымнар туһунан кэпсээбитэ. Сүрүн болҕомтону дьиэ кэргэн, оҕо, социальнай көмө тиэмэтигэр уурда. Онно Айсен Николаев быйыл бэс ыйын 1 күнүттэн «Мин бастакы хамнаһым» бырайыак саҕаланыа, оччотугар 14-18 саастаах улаатан эрэр оҕолор сайыҥҥы өттүгэр үлэлээн хамнастаныахтара диэбитэ. Билиҥҥитэ бырайыак үс улууска үлэлиэхтээх.

Онтон биирдэрэ Горнай улууһа буолар, оҕолор кэтэх көмө хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо көмөлөһүөхтэрэ. Ол туһунан Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев санаатын үллэстэр:

— Биһиги улууспутугар соторутааҕыта Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин исписэлиистэрэ уонна социальнай хантараагы ылбыт дьоммут көрсүбүттэрэ. Үлэ-хамнас хайдах барарын туһунан кэпсэппиттэрэ. Кэтэх көмө хаһаайыстыбалар, уопсайынан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылар, сайыҥҥы кэмҥэ улаатан эрэр оҕолору үлэнэн иитиэххэ, урукку кэмнэргэ итинник уопут баар этэ диэн этии киллэрбиттэрэ. Ону Үлэ министиэристибэтэ өйөөн, сайыҥҥы кэмҥэ оҕолорго хамнас төлөөн кэтэх көмө хаһаайыстыбалаахтарга үлэлэтэргэ субсидия көрүллэрэ быһаарыллыбыта.

Бу бастакы холонуу буоларынан, пилотнай бырайыак быһыытынан барыаҕа. Этэҥҥэ сатаннаҕына, инникитин өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар тарҕанан, оҕолор сайыҥҥы кэмҥэ үлэлээн хамнастаныа, үлэлииргэ үөрэниэ, үлэнэн иитиллиэ этилэр.

Оҕо сылыгар өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын, Ил Дарханын өттүттэн итинник ыччаты, оҕону үлэҕэ сыһыарарга болҕомто ууруллара улахан суолталаах уонна хайҕаллаах дии саныыбын.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 мая
  • 6°C
  • Ощущается: 5°Влажность: 49% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: