Айсен Николаев Петербург олохтоохторугар тэлэгирээмэ ыытта

Айсен Николаев Петербург олохтоохторугар тэлэгирээмэ ыытта

27.01.2025, 13:27
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, тохсунньу 27 күнүгэр, Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Ленинград куораты фашистар төгүрүктээһиннэриттэн босхоломмут күнэ бэлиэтэнэр. Айсен Николаев Санкт-Петербург олохтоохторун Бойобуой албан аат күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Ил Дархан тэлэгирээмэни Санкт-Петербург губернатора Александр Бегловка ыыппыт.

“Бу күн биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар эр санаа, кытаанах быһыы уонна норуот сомоҕолоһуутун быһыытынан хаалыаҕа. Бүгүн биһиги куораты дьоруойдуу көмүскээбиттэри эрэ буолбакка, аччыктааһыны, быстыыны аахсыбакка фронт туһугар үлэлээбит, бэйэ-бэйэлэрин өйөнсүбүт эйэлээх олох дьонун күүстээх санааларын ахтабыт. Кинилэр холобурдара биһигини саҥа ситиһиилэргэ сирдиир уонна инники олохпутугар эрэлбитин күүһүрдэр. Петербург олохтоохторун хорсун быһыылар,а үүнэр көлүөнэ төрөөбүт дойдуга сулууспалааһыннарыгар көҕүлүүр өйдөбүл буолан хааларыгар эрэнэбин”, – диэн Айсен Николаев иһитиннэриигэ бэлиэтээтэ.

Билигин Саха сиригэр Ленинград блокадатын 11 олохтооҕо олорор. Кинилэртэн биирдэстэрэ – Людмила Тимофеевна Зипунова. Людмила Тимофеевна 1938 сыллаахха балаҕан ыйын 3 күнүгэр Ленинградка төрөөбүтэ уонна 1942 сыллаахха эвакуацияҕа диэри олорбута. Блокадаламмыт куораттан ийэтин, убайын кытта атын оҕолору тэҥэ “Олох суолунан” таһааралларыгар кини 3 саастаах этэ. 1959 сыллаахха Людмила Тимофеевна Саха сиригэр кэлбитэ, 50-тан тахса сыл доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үлэлээбитэ.

Санатан эттэххэ, Ленинград блокадата 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн 1944 сыл тохсунньу 27 күнүгэр диэри барбыта.

Быйыл бүтүн Арассыыйа Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 80 сылын бэлиэтиир. 2025 сыл Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи сылынан биллэриллибитэ, Саха сиригэр – Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 января
  • -42°C
  • Ощущается: -49°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: