Айсен Николаев Саха сиригэр үөрэх биир кэлим тиһигин тэрийэр наадатын туһунан эттэ
Саха сиригэр үөрэх хаачыстыбата матырыйаалынай-тэхиниичэскэй баазаларын сайыннарыы тэтимиттэн хаалан иһэр.
Бу оҕо уһуйааннара, оскуолалар, үрдүк үөрэх кыһалара бииргэ үлэлээһиннэрэ суохтарыттан тахсар. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Саха» НКИХ ханаалга «Саха сирэ, иннибит диэки!» биэриигэ иһитиннэрдэ.
«Кэнники сылларга биһиги үөрэхпит матырыйаалынай-тэхиниичэскэй баазатын бөҕөргөтөргө элбэх үлэ ыытыллыбыт. Хаһан да маннык элбэх оскуола, оҕо уһуйаана тутуллубатаҕа. Билигин кэллиэстэринэн хапытаалынай өрөмүөннээһин үлэтэ саҕаланна. Бу уонунан сыллар түмүктэрэ. Маны тэҥэ үөрэх хаачыстыбата матырыйаалынай-тэхиниичэскэй баазаны сайыннарардааҕар бытааннык улаатарын бэлиэтиибин. Мин үөрэх тиһигэ биир тэҥ буолуохтаах диэн мэлдьи этэбин», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев. Ил Дархан этэринэн, оскуолалар уонна үрдүк үөрэх кыһаларын икки ардыларыгар уопсай үлэ ыытыллыбат.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: