Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторун ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ

Share

Ил Дархан  Айсен Николаев бэҕэһээ, бэс ыйын 24 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһугар оробуочай сырыытын чэрчитинэн Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна улууска Түмсүү сылыгар анаммыт ыһыахха кытынна.

«Аҕыйах хонуктааҕыта дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин Дьокуускайга кэлэ сылдьан Саха сирин сайдыытын былааннарын кытта билсэн, өйөөтө уонна алҕаата. Судаарыстыба баһылыга Саха сиригэр элбэх национальностаах норуотун култууратын тыыннаах хаалларыыга көдьүүстээх үлэ ыытылларын иһин махтанна уонна нэһилиэстибэни салгыы хаҥатарга баҕа санаатын тиэртэ. Бу кини тылын эһиэхэ тиэрдэбин. Билигин Саха сирин бары куораттара, ол иһигэр Үөһээ Бүлүү улууһа эмиэ күүскэ сайдаллар. Айымньылаах үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын. Эһиги түмсүүгүт өссө улахан атын ситиһиини дабайарга кыах биэриэ диэн эрэнэбин», — диэтэ Айсен Николаев.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Ил Дархан бу сырдык бырааһынньыкка этиллибит алгыс тыллара төрөөбүт дойдуларын көмүскүүр байыастарга тиийэригэр, сотору кэминэн Кыайыылаах дьиэлэригэр төннөллөрүгэр баҕарда. Ол кэннэ Ил Дархан Айсен Николаев ыһыах үөүүлээх аһыллыытын сиэрин-туомун кэмигэр улуус олохтоохторугар судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк аат Нам нэһилиэгин баһылыга Александр Кардашевскайга иҥэрилиннэ. «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн Мелиорацияҕа уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыыга управлениетын Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын экскаватор-машиниһа Капитон Егоров наҕараадаланна. Ил Дархан илиититтэн «Саха Өрөспүүбүлүкэти муниципальнай сулууспатын туйгуна» бочуоттаах бэлиэни Кэнтик нэһилиэгин кылаабынай специалиһа Павел Павлов тутта. Ону сэргэ Ил Дархан М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи лиссиэй-интэринээт выпускнига Сергей Игнатьевка кыһыл көмүс мэтээли туттарда.

Улуус баһылыга Валерий Николаев Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар оҕо балыыһатын бастакы  сыбаайатын түһэрии уонна эбийиэк тутуута саҕаламмыта ураты түгэн буоларын эттэ. Үөрүүлээх бырааһынньык оһуохайынан түмүктэннэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

6 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

8 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

9 часов ago