Салгыы
Айсен Николаев билим үлэһиттэригэр судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда

Айсен Николаев билим үлэһиттэригэр судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда

08.02.2023, 20:51
СИА. Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, олунньу 8 күнүгэр, Арассыыйатааҕы билим күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэ билимин уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕар кытынна.

Ил Дархан төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит экэниэмикэтэ уонна социальнай салаата сайдарыгар кылааттарын киллэрэллэрин иһин билим үлэһиттэригэр махтанна. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа билим уонна технология уон сылын биллэрбитин аҕынна. Бу соругун ситэригэр сүрүн тирэҕинэн билим буолуохтаах.

“Саха сирин билим-технологическай сайдыытыгар сүрүн түгэнинэн бу 30 сыл устата Өрөспүүбүлүкэтээҕи Билим академията буолар. Биһиги билиммит иннигэр улахан соруктар тураллар — бүгүн өрөспүүбүлүкэ Арассыыйа Илин өттүгэр дириҥ хамсааһыннары тэнитэригэр кыттар, саҥа бырамыысыланнай кииннэри уонна тырааныспар саҥа систиэмэтин (коридоров), саҥа экэнэмиическэй бииргэ үлэлэһээччилэри тэрийии. Бу сыаллары ситиһэр туһугар биһиги билимҥэ холбоһуктарбыт, Саха сирин бары учуонайдарын үлэлэрэ, Арассыыйа аан дойду билимигэр лиидэр оруолун ыларыгар эрэгийиэн кылаата бөҕөргүүрүгэр туһаайыллыахтаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ баар ураты естественнэй-научнай оскуолаларбыт прикладной суолталарын салгыы үрдэтиэхтээхпит, ол иһигэр ирбэт тоҥ, хотугу матырыйаалы үөрэтии (материаловедения), экология уонна айылҕаны туһаныы, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтэ”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтиир.

Тыл этэригэр Айсен Николаев олунньу 10 күнүгэр уһулуччулаах учуонай, сахалартан бастакы академик, өрөспүүбүлүкэ Билимин академиятын тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ Владимир Петрович Ларионов төрөөбүтэ 85 сылын туоларын аҕынна.

Үөрүүлээх мунньахха өрөспүүбүлүкэ билимин үлэһиттэрин эҕэрдэлээтэ уонна СӨ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда.

Саха сирин Билимин академиятын бэрэсидьиэнэ Леонид Владимиров байыаннай эпэрээссийэнэн сибээстээн, бүгүн дойду билимин иннигэр саҥа соруктары туруоралларын эттэ. Бары кыахтары уонна билим түмсүүлэрин үлэтин технологияҕа икки суолталаах эйгэ инновационнай бырайыактарыгар уонна стратегическай сыалы ситиһиигэ – РФ арктическай сирдэрэ бары өттүнэн куттала суох буолуутун хааччыйыыга түмэр ирдэнэр. Бу билим иннигэр РФ Бэрэсидьиэнэ уонна Бырабыыталыстыбата туруорар дойдуга технологическай суверенитеты ситиһэргэ сүрүн соругу толорорго наада. Леонид Владимиров СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев 2021-2024 сс. оҥорон таһаарыы уонна социальнай эйгэ сайдыытыгар туһаайыллыбыт СӨ билим кэлимсэ чинчийиитин бырагырааматын бигэргэппитин бэлиэтээтэ. Биир соругунан “Хоту” билим-үөрэх бырагырааматын аан дойду таһымнаах Арассыыйа билим-үөрэх бырагыраамаларын биэс кэккэтигэр киллэрии буолар.

Арассыыйатааҕы билим академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи билимин киинин дириэктэрэ Михаил Лебедев, Саха сирин институттара өрөспүүбүлүкэ сорудаҕынан билим 9 бырайыагын ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрин бэлиэтээтэ. “Хоту” билим-үөрэх киинин үбүлээһинин бырагырааматын иитинэн Саха сиригэр ыччат 5 лабаратыарыйата аһыллыбыт. Ону таһынан, “Хоту” билим-үөрэх киинин салаатынан 2026 сылга диэри Арассыыйа хотугулуу-илин уонна саҥа арктическай матырыйааллары, технологиялары бэрэбиэркэлиир полигон экологиятын кэлимсэтик кэтээн көрүү үстэн итэҕэһэ суох билим ыстаансыйатын тэрийии былааннанар.

Өрөспүүбүлүкэ эдэр учуонайдарын улахан кыһалҕаларын уонна билими сайыннарыы боппуруостарын мунньах кэмигэр Арассыыйатааҕы билим академиятын Сибиирдээҕи салаатын П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт билимҥэ салайар исписэлииһэ, СӨ эдэр учуонайдарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Христофоров эттэ. Дьокуускайга кулун тутар 22-24 күннэригэр килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарынан ыытыллыахтаах Норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ иитинэн Арассыыйа геокриологтарын ассоциациятын тэрийэр туһунан  этиини киллэрдэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: