Александр Румин көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйүөнүнэн буолла
10.10.2024, 11:15
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн.
Бөлөххө киир:
Хорватия Потич куоратыгар бэтэрээннэргэ көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээтэ буола турар. Бэҕэһээ, алтынньы 9 күнүгэр, Саха сирин тустууктара кыһыл көмүс уонна үрүҥ көмүс мэтээллэри ылары ситистилэр диэн yakutia-daily.ru иһитиннэрэр.
100 киилэҕэ Нам бөҕөһө Александр Румин Г.Агнеллоны, Америкаттан А.Риггсы, полуфиналга ЮАР-тан сылдьар Ду Приһы, финалга кыргыз Чынарбек Изабековы 2:0 ахсааҥҥа кыайан, аан дойду чөмпүйүөнэ буолла.
Итиэннэ Муоматтан сылдьар Семен Соркомов 62 киилэҕэ финалга казаах С.Айткуловтыын киирсэн, 1:2 ахсааҥҥа кыһыылаахтык хотторон, үрүҥ көмүс мэтээли ылла.
+1
7
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: