«Алеша» тааҥка экипааһын туһунан ырыаны саамныы тылбаастаатылар
Аатырбыт «Алеша» тааҥка экипааһын туһунан ырыаны саамныы тылбаастаан, саамскай тылы үөрэтэр учуобунньукка киллэриэхтэрэ диэн ТАСС иһитиннэрэр.
«Алеша» тааҥка экипааһын туһунан ырыаны саамныы тылбаастаатылар. Тылбаас ааптара Домна Максимовна Хрюк диэн. Кини тылбаасчыт, луввьт норуодунай ырыалары толорооччу буолар. Арассыыйа норуоттарын төрүт тылларыгар ырыа толоруллан, Арассыыйа норуоттара сомоҕолоһуулаах буолалларыгар дьайар», — диэн Төрүт тыллар федеральнай институттарын Саха сиринээҕи филиалын дириэктэрин э.т. Наталья Ситникова этэр.
Бу ырыа филологическай наукалар доктора Виктория Бакула салалталаах бөлөх оҥоро сылдьар саам тылын учуобунньугар киириэҕэ.
«Алеша — дух боевой» ырыа тылын ааптарынан Ольга Семенова, матыыбын ааптарынан Николай Андросов буолаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: