«Алмаасэргиэнбаан» куоластааһына түмүктэннэ
«Алмаасэргиэнбаан» ыытар «Миллион на развитие» диэн бырайыагар куоластааһын түмүктэннэ. «Алмаасэргиэнбаан» бу бырайыакка кыайбыт улуустарга, куораттарга 3 мөлүйүөн солкуобайы түҥэтэр. Дьэ, кимнээх ыллылар?
Куоластааһын иккис түһүмэҕэр 4873 куолаһы ылан, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх М.Е. Попова аатынан орто оскуолатын бырайыага кыайан, 1 мөлүйүөн солкуобайы ылла. Оскуола бырайыага — «Сайдыс» лааҕырга оҕолор мустар, кэнсиэртиир 100 миэстэлээх амфитеатрдарын тутуу.
4524 куолаһы ылан, 500 тыһыынча солкуобайы А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1-кы №-дээх оскуолата ылыаҕа. Оскуола бырайыага — «Хорсун» байыаннай-патриотическай үөрэтэр киини тутуу. Манна дрон-рейсинг уонна лазертаг диэн спорт көрүҥнэригэр оҕолору дьарыктыахтара.
3638 куолаһы ылан, 500 тыһыынча солкуобайынан Ньурбаҕа сынньалаҥ пааркатыгар «веревочный парк» тутуллар буолла. Манна оҕолор, ыччаттар дьарыктаныахтара, иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаарыахтара.
Дьокуускай куорат бырайыактарыгар куоластааһын тоҕо эрэ быстар мөлтөх. Сүрүннээн оскуолалар, уһуйааннар спортивнай, оҕо былаһааккаларын, туус хоһун, нейротехнология хоһун, о.д.а. бырайыактарын киллэрбиттэр. Ортотунан 200-400 куоластаахтар. Кыайбыт бырайыак 1 мөлүйүөн солкуобайы ылыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: