Анна Стручкова тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччытынан ананна

Анна Стручкова тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччытынан ананна

Ааптар:
08.02.2024, 11:44
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан Стручкова Анна Александровна  СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин бастакы солбуйааччытынан ананна.

Анна Стручкова  үрдүк үөрэхтээх, Арассыыйатааҕы норуоттар доҕордоһууларын  университетын, Уһук Илиннээҕи судаарыстыбаннай сулууспа академиятын   бүтэрбитэ.

Үлэтин 1989 сыллаахха экэнэмииһинэн Болугурдааҕы  сельпоҕа саҕалаабыта. Муниципальнай сакаас отделын начаалынньыгынан, Дьокуускай куорат экономикаҕа   департаменын салайааччытынан, «Дьокуускай аэропорда» АУо дириэктэрин   экономикаҕа, үпкэ солбуйааччытынан үлэлээбитэ.

2019 сыллаахха СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын  дьыалаларын управлениетын салайааччытын бастакы солбуйааччытынан анаммыта.  2021 сылтан  тэрийэр-административнай управление киинин салайааччыта,  2022 сыл кулун тутарыттан билиҥҥэҥҥэ диэри «Агентство по привлечению инвестиций и поддержке экспорта Республики Саха (Якутия)»  ГБУ  генеральнай дириэктэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: