Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Азербайджаҥҥа сырыытыттан
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин атырдьах ыйын 18-19 күннэригэр Азербайджаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Бу сырыыта Кавказ эрэгийиэнин уонна Тутулуга суох судаарыстыбалар сойуустарын бөҕөргөтүүгэ улахан суолталаах.
Сэбиэскэй Сойуус кэнниттэн
Бу көрсүһүү туһунан суруйуом иннинэ, үгэс быһыытынан, устуоруйаны кыратык сэгэтэн көрүөҕүҥ. Билэргит курдук, 90-с сыллар саҕаланыыларыгар Сойуустаах өрөспүүбүлүкэлэр Сэбиэскэй Сойуус састаабыттан тахсан барбыттара. Ол иһигэр Азербайджан Өрөспүүбүлүкэтэ эмиэ. Ити кэмҥэ Арассыыйа уонна Азербайждан сыһыаннара бэрдэ суоҕа. Арай 1993 сыллаахха Азербайджан бэрэсидьиэнинэн Гейдар Алиев диэн Сэбиэскэй Сойууска өр кэмҥэ байыаннайынан үлэлии сылдьыбыт киһи талыллан, арыый сымныы быһыытыйбыта. Ити сыл Азербайджан Тутулуга суох судаарыстыбалар сойуустарыгар киирбитэ. Ол эрээри тэҥҥэ үлэлэһии уһаабатаҕа. Кавказка Чечняҕа сэрии уота туран, эмиэ тымныы тыына биллэн барбыта. Ону сэргэ 90-с сыллар бүтүүлэригэр Азербайджан Хайа Карабааҕын дьыалатыгар сыһыаран, Арассыыйа Арменияны кытары үлэлэһэ олорор диэн Грузияны, Молдавияны уонна Украинаны кытары туспа түмсүү тэринэ сылдьыбыттааҕа.
2001 сыллаахха Арассыыйа бэрэсидьиэнинэн Владимир Путин талыллыбыта. Бэрэсидьиэн кириэһилэтигэр олороот Владимир Владимирович тас дойдулары кытары сыһыаны олохтооһуҥҥа, бастакы уочарат, ыаллыы олорор судаарыстыбалары кытары үлэлэһиигэ улахан болҕомтотун уурбута. Ити сыл тута Гейдар Алиевтыын бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэҥ түһэрсибитэ. Бу дуогабарга Каспийскай муораҕа, Кавказ эрэгийиэннэригэр куттал суох буолуутун хааччыйыы курдук тыын боппуруостар киирбиттэрэ. Эмиэ ол эрээри диирбэр тиийэбин, бу дуогабар сыалын-соругун ситэ илигинэ, 2003 сыллаахха Гейдар Алиев олохтон туораан, Өрөспүүбүлүкэ саҥа салалтатын кытары дьыалабыай сибээһи саҥаттан олохтуур сорук турбута. Манна дьолго диэххэ дуу, Азербайджан олохтоохторо бэрэсидьиэнинэн Гейдар Алиев уолун Ильхам Алиевы талбыттара. Үлэ салҕанан барбыта. 2006 сыллаахха Бакуга Арассыыйа сыла, 2008 сыллаахха Хайа Карабааҕын дьыалатыгар үс судаарыстыба (Арассыыйа, Азербайджан, Армения) дуогабар баттаспыттара. Кэлин үс өрүттээх дуогабар 2020, 2023 сыллардаахха баттаныллыбыта.
2022 сыллаахха Арассыыйа уонна Азербайджан бэрэсидьиэннэрэ Владимир Путин уонна Ильхам Алиев Москваҕа улахан Декларацияны ылыммыттара. Манна даҕатан этиим, Владимир Путин 2001 сылтан Азербайджаҥҥа сэттэ төгүл оробуочай сырыытынан бара сылдьыбыта биллэр. Оттон Ильхам Алиев Москваҕа биэстэ кэлэ сылдьыбыта. Бүтэһигин быйыл саас БАМ тэриллибитэ 50 сыллаах үбүлүөйүгэр кэлэн барбыта. Эрдэтээҥҥи көрсүһүүлэригэр икки дойду салайааччылара атыы-эргиэн, экэниэмикэ, энэргиэтикэ, Хайа Карабааҕын боппуруостарын туруорбуттара. Ити кэмҥэ Арассыыйа уонна Азербайджан ньиэпкэ үлэлэһэр улахан хампаанньалара дуогабар баттаспыттара. Ону сэргэ ити сылларга тырааныспар, суол-иис сайдыытын, онно ыытыллар бырайыактар тустарынан кэпсэтии барбыта. Онон салгыы атырдьах ыйынааҕы көрсүһүүлэрин көрүөххэ.
“Тэтими ыһыктыбакка”
Владимир Путин Азербайджаҥҥа сырыытын тас дойду бэчээтэ дойдулар сыһыаннаһыыларыгар биир үтүө холобур быһыытынан сыаналаата. Кинилэр этэллэринэн, Сэбиэскэй Сойуус кэнниттэн Азербайджан төһө да арҕааҥҥы дойдулар диэки сыҕарыйбытын иһин, үтүө үгэһи, норуоттар доҕордоһууларын умнубат.
Бу туһунан Владимир Путин көрсүһүү кэмигэр эмиэ санатан эттэ. Көрсүһүү биир улахан боппуруоһунан дойдулар экэниэмикэлэрин бөҕөргөтүү турда. Санатан этиим, сылтан сыл икки дойдулар табаарынан эргиниилэрэ кэҥии турар. Холобур, былырыын түөрт миллиард дуоллар суумалаах табаары эргинии барбыт буоллаҕына, быйылгы көрдөрүүнэн, өссө 17 бырыһыан эбиллибит. Билигин Азербайджаҥҥа Арассыыйаттан тыһыынчаттан тахса тэрилтэ үлэлии сылдьар. “Арассыыйа Азербайджаҥҥа биир улахан инвестор. Билигин муоранан, өрүһүнэн сылдьар бөдөҥ суудуналары тутуу, айан, тимир суолун курдук улахан бырайыактары бииргэ ыыта сылдьабыт”, – диэн этэр Владимир Путин.
Суолга-иискэ сыһыаннаан эттэххэ, биир улахан бырайыагынан “Хотугу-соҕуруу” улахан айан суола буолар. Бу суол Иранынан Индияҕа тахсыахтаах. Дьиҥэр, бу бырайыак өссө сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта, 2000 сыллаахха оҥоһуллубута. Бу бырайыакка Азербайджан, Армения уонна Казахстан кэлин киирбиттэрэ. “Биһиги кэпсэтиибитигэр “Хоту-соҕуруу” тырааныспар суолун сиһилии кэпсэттибит. Дойдуларбытыгар икки өттүттэн да бу улахан суолталаах бырайыак. Биһиги өттүбүтүттэн тимир суола, улахан айан суола барыта бүтэн турар”, – диэн иһитиннэрэр Ильхам Алиев.
Экэниэмикэ боппуруостарын таһынан, иккис улахан түһүмэҕинэн Хайа Карабааҕын дьыалата турда. Бу боппуруос дойдулар икки ардыларыгар билигин да ситэ быһаарылла илик. “Былырыын балаҕан ыйыгар Азербайджан сирин-уотун барытын ылан, бэйэтин суверенитетын көмүскээбитэ. Саҥа сүүрээн, биллэн турар, Соҕуруу Кавказ сайдыытыгар да дьайар дии саныыбын. Манна улахан оруолу Арассыыйа уонна Азербайджан сыһыаннаһыылара ылар”, – диэн бэлиэтээн эттэ көрсүһүү кэмигэр Ильхам Алиев.
Хайа Карабааҕын дьыалатыгар өссө биири бэлиэтээн этиэм этэ, былырыын балаҕан ыйыгар Армения Азербайджантан бэйэтин сэриитин барытын таһаарбыта. Онон Азербайджан сирин-уотун тутан хаалбыта. Азербайджан уонна Армения сыһыаннаһыыларыгар Арассыыйа биир улахан сабыдыаллаах. “Арассыыйа кэнэҕэһин да бу икки дойдулар сыһыаннара тупсарыгар күүс-көмө буолуоҕа. Арассыыйа, Азербайджан уонна Армения үс өрүттээх дуогабар баттаһан турабыт. Бу дуогабар Соҕуруу Кавказка куттал суох буолуутун хааччыйыыга улахан суолталаах”, – диэн бэлиэтиир Владимир Путин.
Ону сэргэ икки дойду салайааччылара үөрэххэ, култуураҕа, гуманитарнай көмөҕө сыһыаннаах боппуруостары кэпсэттилэр. Холобур, саҥа бырайыактартан ыллахха, Бакуга Арассыыйа уонна Азербайджан кыттыгас университеттарын арыйыахтаахтар. “Манна Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай университет үлэлэһэргэ бэлэм”, – диэн иһитиннэрдэ Владимир Владимирович.
Онон түмүктээн эттэххэ, бу икки дойдулар үлэлэһиилэрэ саҥа кэмҥэ тэтимин ылан эрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: