“Арассыыйа үлэтэ” кииннэр көмөлөрүн туһунан роликтар оҥоһулуннулар
«Национальные приоритеты» АНО уонна РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ “Арассыыйа үлэтэ” (“Работа России”) каадыр кииннэрин өҥөлөрүн билиһиннэрэргэ коммуникационнай хампаанньаны саҕалаатылар.
Бу кииннэр үлэни биэрээччилэргэ туһалаах буолуохтарыгар болҕомто уурулунна. Өҥөлөргө исписэлиистэри талыы, туспа HR-өҥөлөрү оҥоруу, маассабай сүүмэрдээһиннэр, үлэни биэрээччилэр сакаастарынан исписэлиистэри үөрэтии уонна таһымнарын үрдэтии киирэллэр.
Саҥа видеороликтар дьоруойдара “Арассыыйа үлэтэ” кииннэр каадырга сүбэһиттэрэ үрдүк таһымнаах исписэлиистэри хайдах буларга тэрилтэлэргэ көмөлөһөллөр.
“Демография” национальнай бырайыак 5 сыл үлэлээбитин устата дойду 73 эрэгийиэнигэр хайыы үйэ 562 модернизированнай киин аһылынна. РФ үлэҕэ министиэристибэтин баһылыга Антон Котяков иһитиннэрбитинэн, 2024 сыл бүтүүтэ Арассыыйаҕа 900-тэн тахса аныгы кииннэр аһыллыахтара, онтон дьарыктаах буолуу сулууспатын тэрилтэлэрэ 2028 сыл бүтүөр диэри уларытыллыахтара.
Киин өҥөлөрө офлайн-форматынан уонна “Арассыыйа үлэтэ” порталга онлайн ньыманан оҥоһуллаллар. Холобур, үлэһиттэри таларга сүрүн онлайнынан “Арассыыйа үлэтэ” биир кэлим сыыппаралаах платформа буолар. Манна 1,7 мөлүйүөн кэриҥэ бакаансыйа уонна 9,7 мөлүйүөн резюме киирэн сылдьар. “Тус сыаллаах үөрэх”, “Быраактыкалар уонна стажировкалар” курдук анал түһүмэхтэр бааллар.
Биир кэлим модернизация бырайыага дьарыктаах буолуу сулууспата үлэ ырыынагын уларыйа сылдьар ирдэбиллэригэр сөп түбэһэрин хааччыйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: