Арассыыйаҕа Азовскай муора эрэгийиэннэрэ киирдилэр
Донецкай, Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр, Херсон, Запорожье уобаластара 90-тан тахса бырыһыан куоластаан, Арассыыйа састаабыгар киирдилэр. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу түөрт эрэгийиэн салалтатын кытары дуогабар баттаста. Дуогабардары бу нэдиэлэҕэ Федеральнай Мунньах бигэргэттэ уонна тустаах сокуоннарга уларытыылары киллэрдэ. Онон Арассыыйа 89 эрэгийиэннэннэ, Азовскай муораны бүтүннүүтүн бас билэр буолла.
Туохтан саҕаламмытай?
Кэлиҥҥи уонча сыллаах устуоруйаны сэгэтэн көрдөххө, 2013 сыллаахха Украинаҕа буолбут Евромайдаан (манныкка хабааннаах айдааны Евросойуус Украинаҕа 2004 сыллаахха эмиэ ыытан турар) сиэллэнэн-кутуруктанан, бу тахсан кэллэ. Оччолорго Украина бэрэсидьиэнэ Виктор Янукович Евросойууһу кытары дуогабар баттаспаппын диэн муос-таас курдук иһитиннэрэн, бэйэлээх бэйэтин дойдутуттан тыынын нэһиилэ тэскилэппитэ, дойдуга айдаан тахсан, кириисис саҕаламмыта. Ол түмүгэр үгүс куорат урусхалламмыта, былаас уларыйбыта. 2014 сыл сааһыгар Крым Автономнай Өрөспүүбүлүкэтэ, Севастополь Арассыыйаҕа холбоспуттара, Донецкай, Луганскай уобаластар суверенитет ылынан, Народнай Өрөспүүбүлүкэ буолбуттара.
Янукович илии баттаабатах докумуона туох туһунан этэй? Бу докумуоҥҥа 44 сыһыарыы, үс боротокуол, 2000 илиистээх декларация киирэ сылдьар. Дуогабар бэйэтэ киирии тыллаах уонна сэттэ түһүмэхтээх. Киирии тылыгар Украинаны Европа дойдуларын кытары биир устуоруйалаах, сыаннастардаах дойду быһыытынан билинэргэ диэн суруллубут. Манна бэлиитикэ, экэниэмикэ, быраап эйгэлэринэн Евросойууһу кытары биир буолуу ыйыллыбыт. Интэриэһинэйэ баар, бу дуогабарынан Евросойуус Украинаҕа үп-харчы өттүнэн көмөлөһөр хайысхалара суруллубуттар, иккис өттүнэн, Сойуус дойду ис бэлиитикэтигэр быһаччы орооһор кыахтанар. Уонна хара маҥнайгыттан усулуобуйа туруоран, ону толорон иһэригэр модьуйбута даҕаны. Биир бастакынан Евросойуус Украинаны Норуоттар икки ардыларынааҕы валюта пуондатын кытары дуогабар түһэрсэригэр, суутун систиэмэтигэр уларытыылары киллэрэригэр эппитэ. Өйдүүргүт буолуо, ити кэмҥэ Евросойуус оччолорго хаайыллан олорор миниистирдэри Юрий Луценконы, Георгий Филипчугу, дьокутаат Юлия Тимошенконы босхолуурга модьуйбута. Миниистирдэр Янукович ыйааҕынан амнистияҕа түбэспиттэрэ, оттон Юлия Тимошенко кэлин босхоломмута. Юрий Луценко бэлиитикэҕэ төннөн баран, Донбааһы, Луганскайы “искэн ыарыылартан” атыннык ааттаабатаҕа, Хорватияттан сербтэри үүрбүт курдук анал эпэрээссийэни ыытыахха наада диэн Үрдүкү Радаттан дакылааттаабыта баар. Устуоруйаттан билэҕит, бу эпэрээссийэ түмүгэр Хорватияттан сербтэр күүс өттүнэн көһөргө күһэллибиттэрэ, тыһыынчанан киһилэрин сүтэрбиттэрэ.
Евросойуус Украинаҕа өссө биир пууну ыйбыта: Украина Евразиятааҕы экэнэмиичэскэй сойуус таможеннай сойууһугар киириэ суохтаах этэ. Оннук диирин да сэрэйиэххэ сөп этэ, тоҕо диэтэргин бу Сойууска Арассыыйа баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылара, ыаллыы судаарыстыбаларын Казахстаны, Белоруссияны, Кыргызстаны, Арменияны мунньан олороро. Билигин өссө Сирия, Тунис киирэбин диэн хандьыдаат быһыытынан сылдьаллар. Онон ити модьуйуу ини-бии дойдулар доҕордоһууларыгар суорба тааһы иннилэригэр уурбут кэриэтэ этэ. Өскөтүн Украина Евросойуус ыйбыт суолунан бардаҕына Арассыыйаҕа, ону ааһан ыаллыы олорор судаарыстыбаларга, хайа да өттүнэн кутталы үөскэтэр чинчилээҕэ. Иккис өттүнэн Украина, Евросойууска хабарҕатыгар диэри иэстээх олорон, онто да суох аллараа курулуу турар экэниэмикэтин өрө тардара уустуктардааҕа. Итини Украина оччотооҕу салалтата ыйааһын бэскитигэр уурбута чахчы.
Бу дуогабар 2013 сыллаахха олоххо киирбэтэҕэ эрээри, 2014 сыллаахха былааска тахсыбыт Петр Порошенко баттаспыта. Онон ити сылтан Украина күннээҕи олоҕор “евроинтеграция” диэн саҥа тиэрмин күүскэ киирэн барбыта, НАТО-ҕа киирэр туһунан Конституциятыгар суруммута.
Дьэ, онон
Дьэ, онон, олунньу 24 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тас дойдуга анал байыаннай эпэрээссийэ ыытар туһунан ыйааҕы таһаарбыта. Кэлин Донбаас олохтоохторо “өссө биир нэдиэлэ хойутаабыккыт буоллар, биһигини имири эһиэ этилэр” диэн муҥатыйа кэпсиэхтэрэ.
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр Донецкайга, Луганскайга, Запорожьеҕа, Херсоҥҥа ыытыллыбыт референдумнар да ону кэрэһилииллэр. Дьон-сэргэ 90-тан тахса бырыһыан кыттан, бу эрэгийиэннэр Арассыыйа састаабыгар киирдилэр, дойдубут 89 эрэгийиэннэннэ. Саҥа тахсыбыт федеральнай конституционнай сокуоннарга этиллэринэн, көһүү кэмэ 2026 сылга диэри болдьохтоммут. Ол аата үс төгүрүк сыл устата бу эрэгийиэннэр федерацияҕа толору бырааптаах эрэгийиэн буолуохтара. Өскөтүн донецкайдар, луганскайдар Арассыыйа пааспарын судургутуллубут систиэмэнэн ыла олорбут буоллахтарына, билигин аны Запорожье уонна Херсон уобаластарын нэһилиэнньэтэ ылыаҕа. Сирдэрин-уоттарын, дьиэлэрин 2028 сылга диэри Арассыыйа докумуонугар көһөрүөхтэрэ. Эһиил бэс ыйыгар диэри эрэгийиэннэргэ федеральнай уорганнар бары бэйэлэрин структураларын тэрийиэхтэрэ. Онон олохтоохтор миэстэтигэр туох баар докумуоннарын ситэрэр кыахтаныахтара. Федеральнай бүддьүөт эмиэ эһиилгиттэн саҕалаан бу эрэгийиэннэри хабан барыаҕа. Билиҥҥитэ ханнык федеральнай уокурукка сысталлара, эрэгийиэннэр истэригэр хас муниципальнай тэриллии хаалара быһаарылла илик. Алта ый иһинэн муниципальнай тэриллиилэр кыраныыссалара барыта быһаарыллыахтаах. Ону таһынан сокуоннарга Запорожье уобалаһыгар атомнай эниэргийэни куттала суох туттуу усулуобуйата эбии киирэн биэрбит. Санатан эттэххэ, манна Европаҕа саамай улахан атомнай ыстаансыйа турар.
Дьэ, онон, 2022 сыл балаҕан ыйын 30 күнэ – ДНӨ, ЛНӨ, Запорожье, Херсон уобаластара Арассыыйа састаабыгар киирэллэрин туһунан РФ бэрэсидьиэнин Владимир Путины кытары дуогабар баттаспыт күннэрэ – дойдубут устуоруйатыгар биир умнуллубат бэлиэ даатанан буолла. Саха киһитэ кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын дииринии, туох, ханнык эрэгийиэннэр Арассыыйаҕа киирбиттэрин, туох суолталаахтарын хаһыаппыт аныгыскы нүөмэригэр сырдатыахпыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: