«Ас-үөл-2024» дьаарбаҥката: Уохтаах кымыс, кучулаах алаастан эмтээх мүөт…

«Ас-үөл-2024» дьаарбаҥката: Уохтаах кымыс, кучулаах алаастан эмтээх мүөт…

28.09.2024, 12:00
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

“Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн этэллэрэ сөптөөх  да эбит. Балаҕан ыйын 25 күнүттэн 29 күнүгэр диэри Дьокуускайга бааһынай ырыынагар  “Ас-үөл –2024” тыа хаһаайыстыбатын быыстапка-дьаарбаҥката саҕаланна. Онон, быйылгы дьаарбаҥка хайдах эбитий диэн тиийэн көрө сырыттыбыт. Бастакы күнэ буолан, хаһаайыстыбалар, тэрилтэлэр саҥа кэлэн түһүлгэлэрин киэргэтэ-оҥосто сылдьаллара. Ол да буоллар, бырааһынньык тыына биллэр. Ырыа-тойук дуорайар, сэргэхсийбит дьон төттөрү-таары хаамсаллар.

Одьулуун кымыһа

Чурапчы Одьулуунуттан биэ кымыһын аҕалан атыылыы олорор Алексей Иннокентьевич Сысолятин, бэйэтэ этэрин курдук, сыл аайы дьаарбаҥкаттан маппат. Кымыһын этикеткэтигэр “Омуоруйа Мэхээлэчээн сиэнэ Саппыйа Өлөксөй Оһустуур Ньукулааһа уола” диэн суруктаах. Ону, өбүгэлэрим араҥаччылыы сырыттыннар диэн итинник ааты илдьэ сылдьарын этэр. Бэйэтэ туспа бренд буолбут кымыһын былыр­гы ньыманан оҥороро кэрэхсэттэ. Сылгы иҥиирин сүлэн, хатаран баран, ону үүккэ кутан көөнньөрөр буолан, дьиҥнээх биэ кымыһын маастара буолбут. “Элбэх иҥии­ри кутар сэрэхтээх, нэмин билиэххэ наада”, – диир Алек­сей Иннокентьевич. Өлөксөй дьаарбаҥкаҕа дьиҥнээх баһылык курдук туттан-хаптан, хас биирдии киһини кытта сэргэхтик кэпсэтэр буолан, бэйэ­тин тула дьону түргэнник тоҕуо­рута оҕуста. Онон, сүүсчэ төбө сылгылаах хаһаайыстыба баһылыга, бүгүҥҥү атыыта барарыгар эрэллээх.

Нам мүөтэ

Саха сиригэр мүөтү оҥоруу сайдан эрэрэ харахха быраҕыллар. Быйыл мүөттээх ыҥырыатын 24 уйатын Нам улууһун Хатырык сэлиэн­ньэтигэр сааскы ха­­лаан уутугар былдьаппыт Семен Попов бу мүөтүнэн дьарыктаммыта уонча сыл буолбут. “Намский мед” диэн суруктаах 300 г иһиттэринэн атыылыыр, дэлэччи амсатар.  Амтана ааттаах. “Ыҥырыаларым уйалара оттуур ходуһабар тураллар, онтон отчуттар кэллэхтэринэ кучулаах сиргэ көһөн биэрэбит. 150-ча уйалаахпын. Кыһыҥҥы өттүгэр анал кыстыкка кыстатабын. Бастаан татаардар кэлэн ыыппыт куурустарыгар үөрэммитим, онтон ыла бу  дьарыктанабын”, – диир быйыл туонна мүөтү ылбыт Семен Иванович.

“Ворошилов” былакаатынан угуйар

Ыраахтан кэлбит ыалдьыт куруук кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, дьаарбаҥка бастакы күнүгэр “Ворошилов ТХППСК” диэн былакаат харахха ыраахтан быраҕыллар. “Бу кыһын “Ворошилов” арыытын ылан амсайбытым, үчүгэй этэ”, – диир куорат олохтооҕо. Хаһаайыстыба ынах арыытын киилэтин 1200 солк. атыылыыр. Биир киилэлээх суораттара – 250 солк.

Алыһар, бөдөҥ собо сытарын көрөн, хайа дойду балыктарай диэн ыйытыыбар икки эдэр атыыһыт уол хап-сабар: “Ньидьилии”, – диэн хайдах эрэ киэн туттардыы унаарытан эттилэр. Тутталларыттан-хапталларыттан көрдөххө, уолаттарга бу бастакы дьаарбаҥкалара быһыылаах.

“Чокурдах рыба” тэрилтэ балык арааһын амсатар. Чокуурдаах, Булуҥ… балыга эрэ дэлэй. Ол эрээри, дьон Магадан селедкатын атыылаһарыттан соһуйдум.

Ас-үөл күһүҥҥү быраа­һынньыга хайдах оҕуруот аһа, хортуоппуйа суох буо­­луой? “Баһаам” диэн табыллыбыт ааттаах хаһаайыстыба баһылыга Николай Аммосов Хатастан кэлэн хаппыыста, хортуоппуй, моркуоп, сүбүөкүлэ атыылыыр, киниэхэ кэргэнэ көмөлөһөр. Бастаан саҕалыырбытыгар СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин грана абыраабыта  дэһэллэр. Бу күннэргэ аҕалбыт бородууксу­йабытын бүтэриэхпит диэн эрэл­лээхтэр. Ол эрээри сүгэр-көтөҕөр үлэһити, хостуурга көмөлөһөөччүнү булар күчүмэҕэй буолбутун этэллэр.

Хаҥалас улууһун Булгун­ньахтаах оҕуруотчутун “Сос­новка” диэн хортуоппуйун үгүс дьон кэрэхсээн ыйыталаһар. Сыаната сүүс солкуобай буолан эбитэ дуу…

Чурапчы этэ

Куорат олохтоохторо тыаттан кэлбит сибиэһэй эти атыылаһаары  төттөрү-таары кэри­йэллэр, сыананы да үөрэ­тэллэр быһыылаах. Чурапчы Дириҥиттэн аҕалыллыбыт ынах этэ – 750-1000 солк. диэри. Биир дьахтар бүдүргэй баар дуо диэн ыйыталаһар. Убаһа этэ – балтараа тыһыынча. Хатылы эриллибит этин киилэтин 850 солк. атыылаабыттарын ньычаас бүтэрдилэр. Эмиэ Чурапчы этин сыанатыгар тохтоотоххо, буута – 850 солк., холо – 740 солк., лыык­ката – 625 солк, ис үөрэ – 550 солк. Дьэ, эт сыаната ити иһинэн-таһынан диэххэ сөп.

Сорох атыыһыттар сыананы токкоолоһору сөбүлээбэттэр. “Бүгүн бу сыана, сарсын кэллэххинэ атын да буолуон сөп”, – диэн сэрэтэрдии этэллэр.

Хайа Суоланый?

Үгүс тыа дьоно бородууксуйаларын бааһынай ырыынагын атыыһыттарыгар уонна биирдиилээн атыылааччыларга туттарбыттар быһыылаах. Холобура, Мэҥэ Хаҥалас Суолатыттан аҕалбыт эттэрин сыаната киилэтэ 750-н саҕалаан 1200 солк. тиийбит. Ааспыкка биир дьүөгэм куоракка 4-с нүөмэрдээх маҕаһыыҥҥа киилэ эт сыаната 1200 солк. буолбут диэбитин хайдах эрэ итэҕэйбэтэх курдук туттубутум баара. Атыыһытым дьиҥнээх Суола олохтооҕо буоларын тургутан: “Хайа Суолаҕыный, Моорук дуу, Мэлдьэхси дуу? ”, – диэбиппэр киһим: “Ээ, хантан билиэхпиний, хайа Суолатын, миэхэ атыылата биэрбиттэрэ”, – диэтэ хайдах баарынан.

Өрүү да буоларын курдук, Амма этиттэн оҥоһуллубут бэлэм бородууксуйа дэлэччи атыыга баар.

“Чурапчы” ТХПК түһүлгэтигэр киһи толору. Дьон тоҕо эрэ үүт аһы, эти буолбакка, кинилэр аҕалбыт туор­тарын кремин ыйыталаһар. “Дьиҥнээх арыыттан оҥоһуллубута”, — дэһэллэр кэпэрэ­тиип түргэн-тарҕан туттуу­лаах  атыыһыттара. Кэпэрэтиип халбаһы арааһын аҕалбыт. Бу кэпэрэтиип аһын-үөлүн хаачыс­тыбата үчүгэйин иһин, дьон аҥар кырыы атыылаһан иһэр эбит.

“Ас-үөл – 2024” быыс­тапка-дьаарбаҥка бастакы күнүн сонуннарыттан кэпсээтэххэ итинник. Дьаарбаҥканы үөрүүлээхтик аһыы сиэрэ-туо­ма бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, ыытыллар. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ минис­тиэристибэтэ быыстапка-дьаарбаҥка чэрчитинэн араас тэрээһиннэри ыытта. АГАТУ ипподромугар сарсын СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бирииһигэр ат сүүрдүүтэ буолуоҕа.

Ынах арыыта – 1200 солк.

Ынах этин буута – 850 солк.

Холо – 740 солк.

Буотарах – 550 солк.

Хаппыыста – 50-60 солк.

Хортуоппуй – 75-100 солк.

Сүбүөкүлэ – 130 солк.

Моркуоп – 90 солк.

Мүөт – 600 солк.

Собо – 400 солк.

Алыһар – 250 солк.

Сордоҥ – 350 солк.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: