«Ас-үөл» дьаарбаҥкатыгар оҕуруот аһын сыаната
Дьокуускай куоракка Комсомольскай болуоссакка балаҕан ыйын 15 күнүттэн үгэскэ кубулуйбут «Ас-үөл» быыстапка-дьаарбаҥка үлэтин саҕалаабыта.
Быйылгы дьаарбаҥка хас да күнү быһа сарсыарда 10.00 чаастан киэһэ 19.00 чааска диэри үлэлиир.
Бүгүн сарсыарда атыы-тутуу хайдах бара турарын билсээри, Комсомольскай болуоссакка тиийэ сырыттыбыт. Оҕуруот аһын арааһа баар. Кукурузаттан саҕалаан тыкваҕа тиийэ.
Суотту хаппыыстатын биир киилэтин 70 солкуобайга атыылыыллар («Слава» суорт). Куорат олохтоохторо биирдии-иккилии куулунан атыылаһаллар. Элбэҕи ылар буоллаххына сыанатын түһэрэллэр.
Өҥнөөх хаппыыста киилэтэ — 200 солк., кукуруза ыраастаммыта — 220 солк., кабачок — 70 солк., моркуоп киилэтэ — 70 солк. саҕаланар.
Укроп киилэтин 800 солк. быспыттар. Помидор, оҕурсу сыаната суордуттан араастаһар. Хортуоппуй киилэтэ — 70 — 80 солк.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: