Салгыы
“Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга успуорт эбийиэктэрэ төһө бэлэмнэрий?

“Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга успуорт эбийиэктэрэ төһө бэлэмнэрий?

Ааптар:
18.02.2024, 13:30
Егор Карпов хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

“Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы ахсыс спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн эбийиэктэр төһө бэлэмнэрин тургутуу үлэтэ ситими быспакка ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников олунньу 17 күнүгэр “Дохсун”, “Туймаада”, “Эллэй Боотур”, “Чолбон”, “Модун”, “Кыайыы 50 сыла”, “Самородок”, “Өрөгөй” успуорт эбийиэктэригэр өрөмүөн үлэтин көрдө-иһиттэ.

Дохсун” успуорт комплексыгар уот ситимин тардыы, видеонан кэтээһин систиэмэтин саҥардыы, араас иһинээҕи өрөмүөн үлэлэрэ олоччу түмүктэммиттэр. Эбийиэги “Азия оҕолоро” оонньууга бэлэмнээһиҥҥэ тутуу бэдэрээтчиттэрин кытта 26 хантараак үлэҕэ ылыллан түмүктэниэхтээх эбит. Олортон үс хантараак үлэҕэ сылдьар, түөрт хантараак муус устартан саҕаланыахтаах. Икки хантараак бу күннэргэ түмүктэниэхтээхтэрин туһунан комплекс дьаһалтата дакылааттаата. Сергей Местников: “Үлэни өрөбүлллэргэ күүһүрдүҥ, үлэ болдьоҕун ыпсаран биэриҥ,” — диэн дьаһал биэрдэ.

«Туймаада” стадион сайыҥҥаттан өрөмүөҥҥэ турар, үлэ түмүктүүр биэтэккэ чугаһаабыт. Хас да бэдэрээтчит бииргэ үлэлии сылдьар, бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэттэрин туһугар кыраапык олохтоммут. Футбол хонуутун көбүөрэ, сүүрэр доруоска атыылаһыллан баран таможняҕа иҥнибитин туһунан эттилэр. “Кытай өттүттэн хантараактаспыт дьоммут Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктартан тахсалларын күүтэбит, ол кэнниттэн табаар кэлэригэр моһуок үөскүө суохтаах”, — диир бэдэрээт үлэһитэ.

«Эллэй Боотурга” номнуо түмүктэниэхтээх үлэлэр өссө даҕаны туттарылла иликтэрин туһунан ыйытыы үөскээтэ. Муус дыбарыас ис өттүгэр ыытыллар үлэлэр олунньуга түмүктэниэхтээхтэр, тас өттүгэр сорох хантараактар ыам ыйыгар диэри баттаммыттар. Сергей Васильевич: “Бүгүҥҥү күн сүрүн соруга – өрөмүөн. Онон бу күнтэн ыла күрэхтэһиилэр, оонньуулар былааҥҥа киирбэттэр, баар бириэмэни барытын өрөмүөнү ситэриигэ барыахтааххыт!” — диэн кытаанахтык дьаһайда.

«Чолбоҥҥо» «Азия оҕолорун” оонньууларыгар кыттааччылары талар күрэс буола турар, Алдантан, Мииринэйтэн кэлбит оҕолор күрэхтэһэ сылдьаллар. «Өрөмүөҥҥэ мэһэйдээбэт дуо?» — диэн ыйытыыга, «Суох, билигин өрөмүөн кыра ваннаҕа ыытылла сылдьар. Муус устарга харчы кэлиэхтээх, онтон ыла үлэ күүскэ барыа, бассейн сабыллан олоччу өрөмүөнүнэн дьарыктаныа”, — диэн хоруйдаатылар.

Модун” успуорт комплексыгар манежка уонна дьахталлар саалаларыгар үлэ бара турар, сүрүннээн кырааска үлэтэ хаалбыт. “Кыайыы 50 сыла” дьаһалтата үлэ барыта кулун тутарга түмүктэнэрин туһунан эттэ.

Ити курдук, өрөмүөн үлэтэ бары эбийиэктэргэ түмүктүүр түһүмэххэ тиийэн турара көстөр. “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар Дьокуускайга 2024 сыл бэс ыйын 25 күнүттэн саҕаланыахтаах. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: