Байыас дьонугар дьиэ тутан көмөлөстүлэр

Share

Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр бырабыыталыстыба отчуотугар элбэх ыйытыы, этии киирдэ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Ол курдук, олохтоохтор уот мөлтөҕүн, оскуола-саад, күргэ тутуллуохтааҕын, гаас хаһан кэлэрин, Умсаннаах түөлбэтигэр олорор ыалларга гааһы холбооһун, өртөөһүн, о.д.а. туһунан ыйыттылар. Оскуола дириэктэрэ Гаврил Захаров оҕоҕо босхо ас суумата үрдүүрүн туруоруста уонна педагогтар хамнастара хаһан үрдүүрүн ыйыталаста.
Түмүккэ, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин бу курдук эттэ:
— Эмис нэһилиэгэ улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр »образцовай» нэһилиэк буолар. Дойдубутугар уустук кэмҥэ, быстах хомуур кэмигэр, түмсүүлээхтэрин көрдөрөн, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттардаах ыалларга үлэҕэ, олоххо-дьаһахха көмөлөһөн, балыктан, булт, идэһэ этиттэн бэрсэн, араас хабааннаах көмөнү оҥороллор. Холобур, Чемезовтарга дьиэ тутан көмөлөстүлэр. Байыастарга көмөлөһөр сыаллаах улуус пуондатыгар эмиэ көхтөөхтүк кытталлар. Эмистэн 4 волонтер, ол иһигэр нэһилиэк баһылыга Прокопий Бубякин, Донецкай Өрөспүүбүлүкэтигэр баран, үлэлээн кэллилэр, Ил Дархан махталын ыллылар. Онон биһиэхэ барыбытыгар үтүө холобуру көрдөрөллөр.
Эмис нэһилиэгин олохтоохторо бырабыыталыстыба үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр инчэҕэй хаар, сорох сиринэн ардах түһүөҕэ

Саха сиригэр хотугулуу-илин өттүгэр кыратык хаардыа, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар түһүөҕэ, арҕаа ардах, оттон хоту…

16 минут ago
  • Сонуннар

Петр Аргунов: «Ураты таһымнаах, таһыччы өйдөөх саха саарыннара»

Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ – өрөгөй күнэ. Бу бэлиэ күн иитинэн элбэх араас тэрээһин ыытылынна.…

11 часов ago
  • Сонуннар

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатын кытта ситимнээх саҥа бэлиэ сир

Бүгүн Өрөспүүбүлүкэбитигэр өрөгөй, үөрүү, кэскилбитин түстээбит үтүө күммүт үүннэ. Бу күн Саха Автономиятын төрүттээбит, саргытын…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Пятница!» ханаалга Саха сирин туһунан биэрии тахсыаҕа

Муус устар 30 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан "Пятница!" ханаалга "Пробный переезд" диэн  саҥа биэриигэ Саха…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыйыт-хоруйдуубут: «Атын үлэҕэ барар буоллахха, уоппускабын хайдах гынабын?»

Ыйытыы: Көһөрүү (перевод) быһыытынан атын тэрилтэҕэ барар буоллахха, харчынан толуйууну (компенсация) ылбакка, атын тэрилтэҕэ кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Москва олохтооҕо Анаабыр уһуйааныгар 100-чэ Чебурашканы бэлэхтээбит

Анаабыр улууһун Сааскылаах сэлиэнньэтигэр баар "Тугутчаан" уһуйааҥҥа сүүсчэ Чебурашка "олорорун" билэр этигит дуо?  Москва олохтооҕо…

12 часов ago