Салгыы
Барыллаан куоластааһын уратылара уонна суолтата

Барыллаан куоластааһын уратылара уонна суолтата

Ааптар:
14.04.2023, 09:00
Хаартыска: «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспатын тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Быйыл күһүн ыытыллаары турар быыбардарга баартыйалар кыттар стратегияларын, бырагыраамаларын чочуйа, хандьыдааттарын сүүмэрдиир үлэни ыыта сылдьаллар.  Манан сибээстээн, биһиги «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаатын эрэгийиэннээҕи ситэриилээх кэмитиэтин салайааччыта Руслан Михайлович Платоновтыын кэпсэттибит.

 

– Руслан Михайлович, быйыл күһүн ыытыллыахтаах быыбардарга бэлэмнэнии хайдах бара турарый? Онуоха саамай сүрүнэ уонна суолталааҕа тугуй?

– Быйыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр болдьоммут кэлим быыбарга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Ил Дарханы, Ил Түмэн VII ыҥырыытыгар 70 дьокутааты талыахтара. Маны таһынан, Дьокуускай куорат олох­тоохторо куорат Дууматыгар 30 дьокутааты быыбардыахтара. Оттон 21 улууска (Алдан, Амма, Анаабыр, Үөһээ Халыма, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Муома, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлөөн, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы, Эбээн-Бытантай улуустарыгар) оройуон Сэбиэтин дьокутааттарын талыахтара. Оттон 9 улууска (Үөһээ Халыма, Горнай, Кэбээйи, Нам, Эбээн-Бытантай, Уус Алдан, Уус Маайа, Усуйаана, Таатта улуустарыгар) баһылыктары талыахтара. Өссө 21 нэһилиэк баһылыга уонна 7 бэрэс­тэбиитэллээх уорган дьокутаата талыллыахтара.

«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаа­та ити быыбардарга көхтөөх кыттыыны ыларга бэлэм. Кулун тутар 8 күнүттэн хандьыдааттары талыыга барыллаан куоластааһыны бэлиэр саҕалаабыта.  Манна уратыта диэн – хандьыдааттары сүүмэрдээн талар барыллаан куоластааһыҥҥа баартыйалаахтары сэргэ баартыйата суохтар кыттыахтарын сөп. Бэлиэтээн эттэхпинэ, баартыйата суох дьоҥҥо маннык кыаҕы «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа эрэ биэрэр. Бу – атын ханнык да баартыйаҕа суох саамай демократичнай ньыма. Онон хандьыдаакка саамай сөптөөх диэбиттэрин быыбардааччылар бэйэлэрэ талан туруоруох­тара.

Ил Дархан, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаатын сэкирэтээрэ Айсен Николаев барыл­лаан куоластааһыҥҥа чиэһинэй киирсиилэргэ кыайбыт дьон эрэ баартыйаттан хандьыдаатынан буолуох­тара диэн бэлиэтээн эппитэ. Бу – саамай суолталаах уонна сөптөөх. Дьон-сэргэ маны биһириир.

Бу күннэргэ барыл­лаан быыбарга кыттар баҕа­лаах дьонтон докумуоннар киирэ тураллар. Докумуону тутуу муус устар 27 күнүнэн түмүктэниэҕэ. Манна өссө биир уратыны бэлиэтиэххэ сөп – доку­муоннары туттарааччылар ортолоругар уруккулартан олох атын, балачча элбэх саҥа дьон көстөр. Саҥа дьон хаһан баҕарар саҥа күүһү, саҥа идиэйэлэри аҕалалларынан, олору олоххо киллэриигэ саҥа кыахтары арыйалларынан үчүгэй.

Быйылгы быыбар уратыта – быыбарга бэлэмнэнии ба­­йыаннай дьайыылар бара турар кэмнэригэр ыытыллар итиэннэ РФ Бэрэсидьиэнин быыбара буолуо сыл аҥаарын иннинэ буолар.

– Барыллаан куолас­тааһыҥҥа кыттыыга туох докумуоннары ханна, хайдах туттарыахха сөбүй?

– Докумуоннары бэйэ аҕалан биэрэн эбэтэр тэйиччиттэн олорон ыытан туттарыахха сөп. Бэйэ аҕалан туттарыытыгар Тэрийэр кэмитиэттэр баар сирдэригэр сайабылыанньаны уонна онтон да атын докумуон­нары тиксэриллэр. Ил Түмэн быыбарыгар хандьы­дааттары талыыга ыытыллыахтаах барыллаан куоластаа­һыҥҥа кыттарга докумуоннары Дьокуускай к., Аммосов уул., 18 №-дээх дьиэтигэр, 413 кэб. аҕалан туттараллар. Дьокуускай куорат Дууматыгар хандьы­дааттары талыыга ыытыллыахтаах барыл­лаан куоластаа­һыҥҥа кыттарга докумуоннары Дьокуускай к., Киров уул., 13 №-дээх дьиэтигэр, 405 уонна 411 кэб. аҕалан туттараллар.

Оттон докумуоннары онлайн электроннай көрүҥү­нэн ыытарга барыллаан куоластааһын PG.ER.RU саайтыгар киирэн, «Госуслуги» порталыгар авторизацияны ааһыллар, эрэгийиэни уонна туһаан­наах быыбар таһымын  булан баран,  пааспар, дьупу­луом, онтон да атын доку­муоннар сканнаммыт куоппуйаларын киллэрэн, бэйэ туһунан дааннайдары толоруллар. Хандьыдаатынан турбут кэннэ 30 күн иһигэр Тэрийэр кэмитиэккэ хандьыдаат докумуоннарын дьиҥнээҕин киминэн эрэ, курьерынан эбэтэр буостанан буолбакка, тус бэйэтэ эрэ аҕалан туттарар. Ол кэннэ ыам ыйын 3 күнүгэр диэри хандьыдааттар бүтэһиктээх чуолкай испииһэктэрэ быһаарыллар.

Оттон барыллаан куолас­тааһын электроннай көрүҥүнэн ыам ыйын 22-28 күннэригэр ыытыллыаҕа. Интэриниэт-порталга куоластааһын дьоҥҥо табыгастаах итиэннэ дьэҥкэтик көстөрүнэн чиэһинэй. Өрөспүүбүлүкэбит сирэ-­уота улаханынан, суола-ииһэ уустугунан докумуону туттарыыга электроннай көрүҥ ордук. Онон докумуону тутууттан саҕалаан куоластааһыҥҥа тиийэ барыта аһаҕастык уонна дьэҥкэтик көстөр кыахтаах.

– Бу барыллаан куоластааһыҥҥа туох эмэ хааччах баар дуу? Туох идэлээх, үлэлээх дьон кыттан эрэллэрий?

– Хандьыдаатынан 18 эбэтэр 21-тэн үөһэ саастаах (ханнык таһымнаах быыбарга кыттарыттан), суукка тардыллыбатах, кыраныысса таһыгар баайа уонна онно бас билиитэ суох  Российскай Федерация гражданина буолуон сөп.

Докумуон туттарбыт хандьыдааттар орто саастара 45 – сөбүгэр уопуттаах, ылыммыт соруктарын олоххо киллэрэригэр толору кыахтаах, сиппит өйдөөх-санаалаах дьон. Балартан 77% – эр дьон. Үрдүк үөрэхтээх быраастар, урбаанньыттар, IT-эйгэ, судаарыстыбаннай уонна кэмиэрчэскэй буолбатах тэрилтэлэр үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай диэйэтэллэр, суруналыыстар, байыаннай дьайыылар кыттыылаахтара бааллар.

Бэйэм бу барыллаан куоластааһыҥҥа кытта сылдьабын. Быыбардааччыларым өйөөтөхтөрүнэ – киин куорат Гагаринскай уокуругуттан хандьыдаатынан турар санаа­лаахпын.

– Барыллаан куолас­тааһыҥҥа, быыбарга саҥа кыттааччыларга тугу этиэҥ этэй?

– Бу өттүгэр барыл­лаан куоластааһын чэрчитинэн «Политстарт» диэн баартыйа каадыры үүннэриигэ көмөлөөх бырайыага үлэлиир. Ол курдук Үрдүкү бартыыйынай оскуолаҕа барыллаан куоластааһыҥҥа кыттарга бэлэмнэнэр эдэр хандьыдааттар биллэр-көстөр дьокутааттарга уонна политтехнологтарга үөрэниилэрэ тэриллэр. Бу ордук быйыл дойду Бэрэсидьиэнэ Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылын биллэрбитинэн суолтата үрдээн биэрдэ.

Ол быһыытынан эдэр дьону идэлэрин толору баһылаабыт учуутал, урбаанньыт, ханнык баҕарар уопуттаах үлэһит сүбэ-ама биэрэн, өйөөн, сайдарыгар кыах биэриэхтээх. Тус бэйэм ыччаттары өрүү өйүүбүн, сөптөөх хайысханан кыахтарын сайыннаралларыгар, уопсастыбаннай дьыалаҕа кытталларыгар, сысталларыгар сүбэнэн, дьыаланан, бииргэ үлэлээһининэн көмөлөһөбүн.

– Баартыйа быйылгы быыбары туох сити­һиилэрдээх көрсөрүй?

– Салайар баартыйа ааспыт быыбарга ылыммыт бырагырааматыттан барыта кэриэтэ толоруллан кэллэ. Кэнники 5 сыл иһигэр баартыйа бырайыактарын кытта биир ситимнээх национальнай бырайыактарынан  олоххо киирбит дьыала элбэх: ону быыбардааччылар уу харахтарынан көрө, эт кулгаахтарынан истэ-билэ, онон туһана, тутта сылдьаллар. Элбэх оскуолалар, уһуйааннар, култуура дьиэлэрэ, балыыһалар, суоллар, муосталар, түргэн сибээс уо.д.а. тутуллан олоххо киирэ тураллар.

Баартыйа биирдиилээн бырайыактарыттан аҕыннахха, Ил Дархан, баартыйа эрэги­йиэннээҕи салаатын сэкирэтээрэ А.С. Николаев сорудаҕынан Мархаҕа байыаннай сулууспалаах умайан хаалбыт дьиэтин оннугар саҥа дьиэ тутуутун боппуруоһун шефствоҕа ылан, саҥа дьиэни уонна гарааһы тутуу үлэтэ тэриллэ турар, аһымал көмөттөн харчы көрүллэн, ыам ыйыттан Моякуновтарга дьиэ тутуута саҕаланыахтаах.

Хабаровскай кыраай Ньылхан (Нелькан) бөһүөлэгиттэн Евгения, Николай Карамзиннар 25 табаны Саха сиригэр эдэр табаһыт кыыс­ка Раиса Ильиноваҕа тиэр­дэллэригэр көмөнү тэрийбитэ. Маны сэргэ Дьокуускай куоракка самбоҕа уһуйар анал оскуола тутуллуутугар бастакы сыбаайа түһэриллибитэ.

Байыаннай сулууспалаахтар төрөөбүт сирдэриттэн ичигэс таҥаһы, тактическай тиэхиньикэни, аһы-үөлү, оҕолортон аккырыыккалары, суруктары уо.д.а. илдьэ бара сырыттахха, уолаттар төрөөбүт дойдуттан кэлэр хас биирдии сонун, баһыылка, көмө кинилэр бо­­йобуой туруктарыгар улахан суолталааҕын бэлиэтииллэр. Бу курдук араас хайысхалаах үлэлэрбитин салгыыбыт.

– Руслан Михайлович, буолаары турар быыбарга бэлэмнэниини сырдатыыгар улахан махтал. Саха сиригэр баартыйа салалтатынан күннэтэ олоххо киирэ турар үгүс үтүө саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри баҕарабын.

Кэпсэттэ

Елена Иванова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
9 сентября
  • 4°C
  • Ощущается: 4°Влажность: 87% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: