Салгыы
Бөрөлөөхтөр суоллара аһылынна

Бөрөлөөхтөр суоллара аһылынна

13.06.2024, 18:00
Хаартысканы: олохтоох экология иниспиэксийэтэ тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

Аллайыаха олохтоохторо этэллэринэн, быйыл Дьолоон үрэх мууһа эрдэ барбыт. Онон улуус саамай кытыы нэһилиэгин – Бөрөлөөх олохтоохторо мотуордаах оҥочонон айанныыр суоллара аһылынна. Ити ыраах хаайтаран олорор дьоҥҥо эмиэ олус суолталаах түгэнинэн буолар. Биллэрин курдук, Бөрөлөөхтөн улуус киинигэр Чокурдаахха диэри 400 –тэн тахса килэмиэтир.

Соһуйуох иһин, Дьолоон төбүлэҕэ диэн  боротуоханы кыйа сытар сыырга билигин да хаар сытар эбит. Куйаас күҥҥэ киһи сүрэҕин сөрүүркэтэр хартыына диэххэ сөп. Хата, манна көтөрдөр саҥа кэлэн, мустан эрэллэр. Тус-туспа тарҕаһа иликтэр. Канада туруйата, кубалар биир хамаанданан көтөллөр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 октября
  • -19°C
  • Ощущается: -19°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: