Дьокуускайтан Сочига быһа көтөр сөмөлүөт бэс ыйын 1 күнүттэн көтүүтүн саҕалыаҕа.
iFLY авиахампаанньа хас оптуорунньук уонна субуота аайы сөмөлүөттэри Сочига көтүтүөҕэ. Бу күннэргэ Сочиттан Дьокуускайга эмиэ көтөн кэлэр.
Көтүү уһуна — 7 чаас 35 мүнүүтэ. Дьокуускайтан Сочига диэри быһа көттөххө — 3628 миль (5837 килэмиэтир) уһуннаах. Быһа көтөр буолан, ханнык да куоракка тохтообот, түспэт, ол олус табыгастаах. Биирдэ итии аһынан аһаталлар, утах биэрэллэр. 10-23 киилэлээх багааһы босхо илдьиэххэ сөп.
Бу рейс сайыны быһа, алтынньы 12 күнүгэр диэри оҥоһуллар. Киэҥ фюзеляжтаах, 345-378 пассажиры батарар Airbus A330 сөмөлүөт көтөр.
Оттон сыаната төһөнүй? Билиэттэри атыылыыр «Авиасейлс» саайтка киирэн көрдүм — сыаналара араастаһар эбит: биир билиэт 23 тыһыынчаттан 45 тыһыынча солкуобайга диэри буолар. Биллэн турар, сайын оройугар билиэт сыаната ыарыыр. Ону тэҥэ, эрдэ ыллахха, быдан чэпчэки буолар.
Ыспыраапка: iFly авиахампаанньа Арассыыйаҕа 20-бастыҥ салгынынан көтүтээччи иһигэр киирсэр. Авиахампаанньа 2009 сыллаахха төрүттэммитэ уонна Москва Внуково аэропуордугар баазаланар. Арассыыйа ис, тас өттүгэр дьону, таһаҕаһы тиэйэр.
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…