«Биир ньыгыл Арассыыйа» Саха сиринээҕи салаатын 11 бырайыага бастыҥынан ааттанна
«Биир ньыгыл Арассыыйа» уопсастыбаннай суолталаах бырайыактарын федеральнай куонкуруһугар баартыйа Саха сиринээҕи салаата 200-тэн тахса сайаапканы ыыппыта. Онтон 11 бырайыак бастыҥынан талыллан, атын эрэгийиэннэр туһаналларыгар этилиннэ.
Ол курдук, баартыйа Томпотооҕу «Мэҥэ Алдан» бастакы сүһүөх салаата бэйэтин сэлиэнньэтигэр сайыҥҥы уу ситимин тардыы бырайыагын ыыппыта.
Үөһээ Бүлүү улууһун «Харбалаахтааҕы» бастакы сүһүөх салаата «Илин уонна Арҕаа» бырайыагынан дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдө. Бырайыак быһыытынан улуус бары оскуолаларын үрдүкү кылаастарын үөрэнээччилэригэр уонна эдэр армеецтарга биэс күннээх хомуурдарын тэрийэргэ успуорт-туризм комплексын тэрийии буолар.
Горнай улууһун «Кировскай» салаата чааһынай дьиэлэри киэргэтии, оттон «Атамайдааҕы» салаата — «Кухни народов мира» куонкуруһу тэрийии бырайыагын киллэрбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: