«Билиигинэн кыайыаҥ!» истипиэндьийэ судаарыстыбаннай суолталанна

Share

Сэтинньи 13 күнүгэр  Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр  Николаев-Кииҥҥэ Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр “Доҕоттор көрсүһүүлэрэ” уопсастыбаннас мунньаҕа буолан ааспыта.

Суолталаах тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ ытык киһитин бииргэ үлэлээбит соратниктара, кэллиэгэлэрэ, үөлээннээхтэрэ, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас бэрэстэбиитэллэрэ, үөрэх, наука, култуура, доруобуйа харыстабылын, успуорт эйгэлэрин үлэһиттэрэ кыттыыны ылбыттара. Кинилэр ортолоругар 2012-2023 сылларга Михаил Николаев көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбит Сергей Попов баара.

Сергей Валентинович  бу күннэргэ Ил Дархан  Айсен Николаев  СӨ  Бастакы Бэрэсидьиэнин аатын үйэтитиигэ туһуламмыт ыйааҕын туһунан бэйэтин санаатын үллэһиннэ:

Михаил Ефимович олоҕу тупсарыҥ, уларытыҥ, ол инниттэн  аан бастаан бэйэҕититтэн саҕалааҥ диэн анаан бэлиэтиирэ. «Билиигинэн кыайыаҥ!» истипиэндьийэ судаарыстыбаннай суолталаах буоларыгар хамыыһыйаҕа этии киирбитэ болҕомтоҕо ылыллыбытыттан олуһун үөрдүм. СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ”Билиигинэн кыайыаҥ!” диэн бэйэтин үбүгэр олохтообут анал истипиэндьийэтин үгэс быһыытынан сыл аайы төрөөбүт күнүгэр, сэтинньи 13 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ чулуу учууталларыгар уонна үрдүк ситиһиилэммит үөрэнээччилэргэ уонна устудьуоннарга туттарара. Кини бэйэтин төрөөбүт күнүн өрүү ити тэрээһининэн эрэ бэлиэтиирэ”.

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа Михаил Николаев нэһилиэстибэтин кэлэр көлүөнэлэргэ үйэтитэр туһунан бэрт кэскиллээх ыйаах тахсыбытын сэргии ылынна.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago