Бильярд нэһилиэктэри түмэр
Уус Алдан улууһугар Дүпсүҥҥэ үлэ бэтэрээнэ Сивцев Василий Васильевич быйыл иккис сылын субуруччу бильярд күрэхтэһиитин тэрийэн ыытта.
Былырыын бастакы күрэхтэһиитин төрөөбүт үбүлүөйдээх уонна үлэ бэтэрээнэ диэн үрдүк ааты ылбыт сылыгар анаан тэрийбитэ. Онно ыйыппыппар Василий: «Мин күрэхтэһиим аана аһаҕас. Нэһилиэгим дьонуттан ким баҕалаах сылдьара, күрэхтэһиигэ да кыттара көҥүл. Кэлэн сэргэхсийэн бараллар. Мин оннук санаанан салайтаран бу күрэхтэһиини тэрийбитим. Кимтэн да көмөтө суох дьиэ кэргэним, оҕолорум көмөлөрүнэн. Оттон төрөөбүт күммүн дьиэбэр ыллахпына, төһө киһини ыҥырыахпыный? Уонна ол биир киэһэ аһаан, уруй айхал тылларын этэн баран тарҕаһан хаалар мин санаабар тутах», — диэн эппитэ.
Быйылгы күрэхтэһиитэ эмиэ сэргэх буолла. Субуота сарсыарда 9 чаастан саҕалаан күрэхтэһии буолар сиригэр дьон сыыйа кэлитэлээн бардылар. Нэһилиэккэ күрэхтэһии буоларын истэн, кыттыбат да дьон сэһэргэһэн сэргэхсийэ таарыйа диэн кэлэллэр. Оттон күрэхтэһии ыкса киэһээҥҥэ диэри буолла. Өссө биирдэ түмсүбүччэ диэн санаанан салайтаран, азартарыгар киирэн, түүн 12 чааска диэри бэйэлэрин баҕаларынан салгыы кэммиэрчэскэй турнир ыыттылар. Онно Ефимов Виталий диэн Дүпсүн олохтооҕо кыайда. Кэлбит ыалдьыттар уонна күрэхтэһии кыттыылаахтара бары үөрэн-көтөн, астынан түүн үөһүн саҕана дьиэлэригэр тарҕастылар.
Василий кэпсиир: — Мин бу күрэхтэһиибин сыл аайы ыытыллар үгэскэ кубулутар санаалаахпын. Сылтан сыл кыттааччы ахсаана эбиллэн иһэр. Холобур быйыл сэттэ нэһилиэктэн уопсайа 22 киһи талыллан кэлэн күрэхтэстэ. Онон быйыл биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиибэр Майаҕастан Анатолий Скороходкин бастакы миэстэни, Кэптэниттэн 68 саастаах Алексей Никифоров иккис миэстэни ыллылар. Үһүс миэстэни Бээдиттэн Захар Горохов уонна Дүпсүнтэн Гаврил Кудрин үллэһиннилэр. Анал бириистэри туттулар, грамота ыллылар, мэтээл кэтэн үөрдүлэр. Маны таһынан күрэхтэһии кыттыылаахтара анал номинацияларга тигистилэр. Холобур саамай саастаах оонньооччу, саамай эдэр оонньооччу, бастакы ытыыга киллэрбиккэ, субуруччу элбэх шары киллэрбиккэ, иккини биир ытыынан киллэрбиккэ уо.д. а. анал ааттар олохтоммуттара. Маны таһынан, кэлэн кыттан бараннар миэстэлэспэтэх дьоҥҥо эмиэ өйдүү-саныы сылдьалларыгар диэн санааны көтөҕөр аналлаах бириистэри уонна сэртипикээттэри туттардыбыт. Онон ким даҕаны күрэхтэһииттэн кураанах барбата. Бары өттүк харалаах илии тутуурдаах астынан дьиэлээтилэр.
Василий Васильевич этэринэн бу күрэхтэһии күннээҕи түбүктэн сынньатар, өйү-санааны чэбдигирдэр, эти-хааны уһугуннарар, нэһилиэк олохтоохторун түмэр. Кыһыҥҥы тымныыга тоҥон-хатан баран, сылааска этэҥҥэ тиийэн үөрэн-көтөн, түмсэн, санаа атастаһан, сонун истэн бараллара туохтааҕар да күндү диэн кини астыммытын биллэрэр.
Нэһилиэгин олоҕор саҥа, сонун сүүрээни киллэрэргэ дьулуһар Василийга ситиһиини уонна баҕа санаата туоларыгар баҕарыаҕыҥ.
Иван Сивцев — Бээди
Хаартыскаларга И.Софронов түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: