Болугурдар ыһыахчыттары биэ кымыһынан күндүлээтилэр

Share

Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр дьиҥнээх биэ кымыһын амсайар түгэн тосхойдо. Аһыы да, ньулуун да буолбатах эбит. Биэ кымыһын Болугур нэһилиэгэр оҥороллор.

Нэһилиэк түһүлгэтигэр »Кымыс үрдэ» диэн сиэри-туому толордулар, ол эбэтэр, кымыһы иһии үгэһин көрдөрдүлэр.
Оттон туой иһиттэри норуот маастара Степан Прокопьевич Устинов олохтоох туойтан оҥорор эбит. Бу иһиттэр сүрдээх тупсаҕайдар, глазурь диэн килэбэчигэс бүрүөһүннээхтэр.
Кымыһы иһии — былыр ыһыах биир тутуһуллар үгэһэ этэ, ол умнулла да быһыытыйда.

Ангелина Васильева түһэриитэ
Ангелина Васильева түһэриитэ
Ангелина Васильева түһэриитэ

Болугур бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ Марианна Егорованы кытта кэпсэттим.
— Биһиэхэ »Амма» ТХПК филиала баар. Сылгыһыттарбыт ыһыахха анаан биэлэри тутан, эрдэттэн ыыллар. Амма улууһун биэ кымыһынан толору хааччыйаллар, сороҕор Дьокуускайга да илдьэн атыылааччылар.
Биэ кымыһа доруобуйаҕа туһалааҕа биллэр, ордук иммунитекка, тыынар уорганнарга. Саахара, доруоһата суох, былыргылыы ньыманан иҥиири уган, көөнньөрөллөр. Онон биһиги кымыспытын туохха да биэрбэппит, — диэн кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

9 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

9 часов ago