Бүгүн – Арассыыйа билимин күнэ
Олунньу 8 күнэ – Арассыыйа билимин күнэ. 1999 сыллаахха бэс ыйын 7 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Б.Н. Ельцин ыйааҕынан төрүттэммитэ.
Бэлиэ күн 1724 сыллаахха тохсунньу 28 күнүгэр (аныгынан олунньу 8 күнүгэр) ыраахтааҕы Петр I дьаһайыытынан, судаарыстыбаннай былаас үрдүкү уорганынан Петербургтааҕы билим академиятын төрүттэммит күнүгэр олохтоммута. Быйыл Арассыыйатааҕы билим академията төрүттэммитэ 300 сылын туолар.
Бикипиэдьийэҕэ сигэннэххэ, В.И. Ленин 1918 сыллаахха муус устар 18 уонна 25 күннэригэр “Билим-тиэхиньиичэскэй үлэлэрин барылын” оҥорбутунан сибээстээн, ССРС саҕана Билим күнэ муус устар үһүс өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр эбит. Күн бүгүҥҥэ диэри билим үгүс кэлэктииптэрэ Билим күнүн урукку истиилинэн бэлиэтииллэр диэн суруллар.
Бэрэсидьиэн ыйааҕынан, 1999 сылтан олунньу 8 күнэ Арассыыйа билимин күнүнэн биллэр. Бүгүн дойду үрдүнэн араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Саха сиригэр оскуола оҕотуттан саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ лиэксийэлэр, маастар-кылаастар, “төгүрүк остуоллар”, уо.д.а. тэрээһиннэр буолаллар. Ити туһунан манна аах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: