Бүгүн — Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэрэ
Бүгүн, алтынньы ый 1 күнүгэр, Аан дойду кырдьаҕастарын күнэ 2001 сылтан ыла бэлиэтэнэр.
Киһи кырдьыытын көмүс күһүнү кытта дьүөрэлииллэр. Ол да иһин алтынньы 1 күнүн — күһүн оройун — Аҕам саастаахтар күннэринэн анаабыттар.
Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэрэ ытыктабыл уонна үгэс эрэ быһыытынан бэлиэтээһин буолбакка, аҕа көлүөнэ дьонугар күннэтэ ахсаабат болҕомто, истиҥ кыһамньы уурарбытын санатар ытык күн буолар.
Бүгүн, алтынньы 1 күнүгэр, Дьокуускайга аҕам саастаахтарга анаммыт «Көхтөөх уһун үйэлэнии» диэн бэстибээл ыытыллар. Бу күн сарсыарда 10 чаастан Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар маастар-кылаастар, сэминээр, исписэлиистэр сүбэлэрэ-амалара, атыы-эргиэн дьаарбаҥката, хаартыска быыстапката, улахан кэнсиэр, култуурунай-сынньатар бырагыраама, о.д.а. буолуохтара.
Бэстибээл Аан дойдутааҕы аҕам саастаахтар күннэригэр ананар. Манна дьахталлар 55, эр дьон 60 саастарыттан сылдьыахтарын сөп. Үөлээннээхтэри кытта билсии-көрсүү, ирэ-хоро кэпсэтии, хаартыскаҕа хатаныы, сэргэхсийии, саҥаны билии, туһалаахха үөрэнии манна күүтэр.
Ытык-мааны аҕам саастаах дьоммутугар баҕарабыт чин-чиргэл доруобуйаны, чэгиэн-чэбдик туругу, дьолунан толору уйгулаах олоҕу, оҕолоргут, сиэннэргит, дьиэ кэргэҥҥит сырдык тапталлара, истин иэйиилэрэ араҥаччылыы сырыттыннар, дурда-хахха буола турдуннар диэн алгыс тылбытын аныыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: