Бүгүн норуодунай артыыс Петр Андреев 75 сааһа
Бүгүн, кулун тутар 1 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа Петр Евсеевич Андреев 75 сааһын туолар.
Киниэхэ быйылгы сыл икки бүк үбүлүөйдээх. Ол эбэтэр М.Щепкин аатынан Тыйаатыр үрдүкү училищетын бүтэрбиттэрэ 50 сыла бэлиэтэнэр.
Петр Андреев 1974 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн кэлиэҕиттэн олоҕун 55 сылын тыйаатырга анаата. Тыйаатыр уонна киинэ артыыһын быһыытынан үлэтин Ньурбатааҕы көһө сылдьар тыйаатыртан саҕалаабыта. Кини олоҕо бу тыйаатыр тэриллиитин, атаҕар туруутун кытта быһаччы сибээстээх. Манна 1974-2001 сылларга айымньылаахтык үлэлээн баран, 2001 сылтан СӨ Үүнэр көлүөнэ судаарыстыбаннай тыйаатырыгар күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьар (2001-2008 сс. – Көр-күлүү судаарыстыбаннай тыйаатыра этэ).
Үлэлээбитин тухары 80-тан тахса оруолга оонньоон, ураты майгылаах-сигилилээх дьоруойдар дьылҕаларын арыйда. Көрөөччүлэр кинини ханнык баҕарар уустук оруолу кыайа тутар талааннаах артыыһынан билинэллэр.
Норуодунай артыыс кэнники чаҕылхай уобарастарыттан биирдэстэринэн Алексей Амбросьев “Аҕа” айымньытынан моно-испэктээккэ аҕа оруола буолар. Бу испэктээк чопчу Петр Евсеевич тус уобараһыгар сөп түбэһиннэрэн туруоруллубута. Үгүс үөрүйэхтээх артыыс соҕотох хаалбыт аҕа ыарахан дьылҕатын хайдахтаах курдук дириҥник арыйбытын көрөөччүлэр умнубаттар.
Петр Андреев тыйаатырга оруолларын сэргэ, хомуска оонньуур, уус-уран ааҕыы уонна көрдөөх-күлүүлээх кэпсээн маастара, олоҥхоһут, тойуксут, Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна аан дойдутааҕы тыйаатыр бэстибээллэрин кыттыылааҕа.
Кинини өссө “Куот”, “Иэс”, “Тыын”, “Таттаам мүччүргэннээх сырыылара” уо.д.а. сахалыы киинэлэргэ араас оруолларга көрбүппүт. Киинэ режиссердара Петр Евсеевиһы кытары үлэлиир олус интэриэһинэйин, оруолга түргэнник киирэрин, уобарастарын итэҕэтиилээхтик арыйарын бэлиэтииллэр.
Петр Евсеевич Андреев – Амма улууһун, Сатаҕай нэһилиэгин уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх сэлиэнньэтин бочуоттаах гражданина.
х х х
Бүгүн СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар норуодунай артыыс Петр Андреев “Аҕа дьылҕата” (Бексултан Жакиев айымньытынан испэктээккэ) сүрүн оруолу толорор. Тыйаатырга кэлбит дьон Петр Андреевка анаммыт быыстапканы сэргии көрүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: