Бүгүн Психолог күнэ бэлиэтэнэр
Сэтинньи 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Психолог күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1994 сыллаахха Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба бастакы сийиэһэ үлэтин саҕалаабыта, онон 2000 сылтан бэлиэтэнэр буолбута.
Бу бырааһынньык официальнай буолбатах, ол эрээри, бары психология исписэлиистэрин идэлээх күннэрэ буолар.
Аныгы кэмҥэ психологтар үлэлэрэ, уопсастыбаҕа киллэрэр кылааттара улахан. Кинилэр үөрэҕириигэ, мэдиссиинэҕэ, социальнай эйгэҕэ, быраабы харыстыыр уорганнарга, уо.д.а. үлэлииллэр. Кыһалҕаҕа ылларбыт, санаата түспүт киһиэхэ көмөлөһөр, олоҕун чэпчэтэр сыаллаахтар.
Урут дьон психолог уонна психиатр идэлэрин араарбат, уйулҕа исписэлииһигэр баралларын кыбыстар эбит буоллахтарына, кэнники кэмҥэ хото сылдьар, бииргэ үлэлиир буоллулар.
Бу күннэргэ Дьокуускайга бары хайысхаларынан үлэлиир психологтар түмсэн, улахан пуоруму тэрийдилэр. Пуорум Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин баазатыгар икки күн устата үлэлиир. Улуустартан, куораттартан психологтар түмсэн, тирээн турар кыһалҕалары, биэдэмистибэлэри кытта бииргэ үлэлэһии туһунан кэпсэттилэр, уопуттарын үллэһиннилэр.
Маны тэҥэ, сэтинньи 24 күнүгэр, баскыһыанньаҕа «Смарт» бибилэтиэкэҕэ 30-ча психолог түмсэн, дьоҥҥо буор-босхо маастар-кылаастары, консультациялары, бэсиэдэлэри ыытыахтара. Тэрээһин сарсыарда 11 чаастан саҕаланар, киэһэ 5 чааска диэри ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: