Бүгүн Ый муҥутаан «өллө»

Share

Сэтинньи 8 күнүгэр киэһэ 5 чаастан саҕалаан, Саха сиригэр Ый өлүүтэ буола турар. Киэһэ 8 чааска муҥутаан “өллө”. Онтон 85 мүнүүтэ устата сыыйа Күн күлүгүттэн тахсан, толору киэбин ылыныаҕа. Бу тахсар кэмигэр Ый кыһыл өҥнөнөр.

Бу кэмҥэ Ый туолан турар, халлааҥҥа былыт суох. Онон Ый Күн күлүгэр киирэн, кытыытыттан эмтэрийэн, сыыйа сүтэн барара, кыһыл өҥнөнөрө барыта үчүгэйдик көстөр.

Ый “өлүүтэ” киэһэ 8 чаас 42 мүнүүтэҕэ бүтэр.

Ол эрээри, эзотериктар Ый “өлөр” түгэнин көрбөт ордук диэн этэллэр. Ол оннугар дьиэни-уоту хомунан, түннүгү сабан, буруонан ыраастанан, алаадьы буһарынан, инникигэ үтүөнү эрэ ыралаан, бу түгэни аһардарга сүбэлииллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхолооһун уонна олоҥхоһут

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо института биэс туомнаах Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээн таһаарыыга үлэтин саҕалаата. Маҥнайгы…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Амма оҕолоро 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар

Амматааҕы коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрэ "Амма айылҕатын харыстыыбыт" аахсыйа иитинэн 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар диэн "Экология…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Түмэллэргэ Дьоруойдар тустарынан

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын сүгэр түмэллэр Томпо улууһугар Кириэс Халдьаайыга уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Баатараҕа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа минньигэс дьөрбөнү үүннэрэр кыыс

Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак өҥөтө баар. Бу өҥөнөн туһанан улуустарга, куораттарга дьон бэйэ…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

ВИДЕО: Таатта байыаһа Новокалиновоны штурмалааһын туһунан кэпсээтэ

"Лавина" батальон байыаһа "Якут" диэн позывнойдаах саха уола Новокалиновоны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Кини бу туһунан Семен…

13 часов ago
  • Сонуннар

Наталия Захарова: “Оҕолорбутунан киэн туттар түгэммит үгүс…”

Ил Дархан Айсен Николаев Этиитигэр оҕо дьиэ кэргэн тапталын билэ улаатарын туһугар оҕо ииттэ ылар…

14 часов ago