Салгыы
Быйыл “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ 1816 оҕо кыттар

Быйыл “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ 1816 оҕо кыттар

09.01.2023, 15:04
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайга “Өрөгөй” спортсменнары бэлэмниир кииҥҥэ академик В.П.Ларионов аатынан 27-с научнай-практическай кэмпириэнсийэ саҕаланна.

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Ирина Любимова кыттааччылары эҕэрдэлээн туран: “Өрөспүүбүлүкэҕэ сылы саҕалыыр саамай улахан тэрээһин буолар. Оскуолатааҕы түһүмэхтэри ааҕан туран 54 тыһ. тахса үөрэнээччини хаптыбыт. 1996 сылтан элбэх оҕону түмэр, интэриэһинэй, кэскиллээх тэрээһин буолар.

Былырыын СӨ Билим Дьоҕус академиятын лабаратыарыйата аһыллыбыта. Билигин онно устудьуоннары, преподавателлэри, билим үлэһиттэрин кытта саҥа идиэйэлэри, бырайыактары айаллар. Хас биирдии чинчийиинэн, билиминэн дьарыктаныан баҕалаах оҕо оскуолаттан саҕалаан ылсарыгар усулуобуйа тэрилиннэ”, — диэн бэлиэтээтэ.

Быйылгы “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ 1816 оҕо кыттар. Бырайыагынан аахтахха бу 1400 кэриҥэ үлэ буолар. Олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) 1316 оҕо кытта кэлбит. Кэтэхтэн хотугу, Арктика уонна Ленскэй, Өлүөхүмэ улуустара үлэлэрин көмүскүүллэр. “Былырыын 35 хос сиэксийэ үлэлээбитэ, быйыл түөрт эбилиннэ. Айар индустрия, сыыппара технологиялара сайдаллар. Ирбэт тоҥҥо, палеонтологияҕа сыһыаннаах үлэлэр баар буолан эрэллэр. Онон быйыл хайысхалары  чопчулаан биэрдибит. Био уонна агро-технология хайысха баар буолла. Үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэ олоҕор сыһыаннаах үлэлэри киллэрдилэр. Уопсайа, 395 эспиэр үлэлиир”, — диэн тэрийээччилэр иһитиннэрэллэр.

Таатта улууһун Ытык Күөл оскуолатын үөрэнээччитэ Эмилия Охотина: “Биһиги хамаандабытыгар үһүөбүт. Валерия туочуканан уруһуйунан дьарыктанар. Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус уруһуйдарын илиитинэн тэриэлкэҕэ түһэрэр. Слава куйаары бэйэтэ хайдах көрөрүн уруһуйдуур. Мин Борис Федорович сиэнэ буолабын. Кини тиэхиньикэтин туттан бэйэм уруһуйдарбын тэриэлкэҕэ уруһуйдуубун.

Кини сырдык дьүһүннэри туттубат, үксүн маҥаны уонна хараны туһанар. Куйаары, сулустары, куйаары уруһуйдуур. Кини тиэхиньикэтин туһанан биһиги бу оҥоһуктары айдыбыт. Биһиги Мандар Уус үлэтин үйэтитэр, аныгы көлүөнэҕэ аныгылыы көрүҥүнэн тиэрдэр соруктаахпыт”, — диэн санаатын үллэстэр. Кыттааччылар истиэндэлэрин иннигэр турар остуолга сувенир тэрилкэлэригэр ураты, толкуйдатар уруһуйдары кэчигирэтэлээбиттэр. Эдэр чинчийээччилэр эспиэртэргэ кэпсииргэ ох курдук оҥостубуттар, бэл диэтэр, сыанатыгар тиийэ суоттаабыттар. Үлэлэрин салгыы атыыга таһаарар былааннаахтар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: