Салгыы
Быйыл Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга 13 млрд солк. көрбүттэр

Быйыл Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга 13 млрд солк. көрбүттэр

Ааптар:
07.10.2022, 10:53
Бөлөххө киир:

Быйыл тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэрэргэ уонна оҥорон таһаарыллыбыт бородууксуйаны, сырьену, аһы-үөлү бэрээдэктииргэ 13 млрд солк. тахса үп көрүллүбүт диэн СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ суруйар.

Быйылгы сыл түмүгүнэн сүөһүттэн оҥоһуллар бородууксуйа валовай суумата 20 млрд солк. 280 мөл. солк. тахсаҕа тиийиэ диэн этэллэр. Ол туһунан СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Петр Попов иһитиннэрэр. “Былаан сыыппараларыгар тохтуур буоллахха, сүөһүттэн оҥоһуллар бородууксуйа валовай суумата 20 млрд солк. 280 мөл. солк. тэҥэнэһэрэ күүтүллэр. Ону тэҥэ, быйыл хортуоппуйу 70 тыһ. уонна оҕуруот аһылыгын 30,5 тыһ. туоннаны ылар былааннаахпыт. Окко былаан 443 тыһ. туонна эрээри, билиҥҥитэ былаантан хаалан иһэбит”, — диэн миниистири бастакы солбуйааччы кэпсээтэ.

Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырьетун, аһын-үөлүн бэрээдэктиир судаарыстыбаннай бырагыраама 2024 сылга диэри суоттанар. Сүрүн соругунан тыа хаһаайыстыбатын култуураларын олохтоох усулуобуйаҕа сөп түбэһэр суортарын сиэмэтинэн хааччыйыыны, ону тэҥэ, аһылык бородууксуйатын үрдэтэри, ол иһигэр олохтоох тыа хаһайыстыбатын оҥорон таһаарыытын уонна булду көҕүлээһин буолар.

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
20 апреля
  • 7°C
  • Ощущается: 6°Влажность: 42% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: