Салгыы
Быйыл урбаанньыттарга 2,8 миллиард солкуобайдаах көмө оҥоһуллубут

Быйыл урбаанньыттарга 2,8 миллиард солкуобайдаах көмө оҥоһуллубут

26.06.2024, 13:01
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр дьоҕус уонна орто биисинэс «Малое и среднее предпринимательство» национальнай бырайыак чэрчитинэн, бу сыл саҕаланыаҕыттан уопсайа 2,8 миллиард солкуобай суумалаах көмөнү ылла диэн урбаан, эргиэн, туризм миниистирэ Тимур Ханды иһитиннэрдэ.

2024 сылга Урбааны сайыннарыы пуондата 81 урбаанньыкка уопсайа 309,23 мөлүйүөн солкуобай суумалаах көмөнү оҥорбут: 56 урбаанньыкка 4-12 %-наах чэпчэтиилээх кирэдьиит биэрбиттэр (165,3 мөл.солк.), 25 урбаанньыкка кирэдьиит ылалларыгар мэктиэлээһин (поручительство) оҥорбуттар, онон кинилэр 332,97 мөл.солк. суумалаах кирэдьиити ылбыттар.

37 урбаанньыт чэпчэтиилээх кирэдьиити ыларга федеральнай көмөнү туһаммыт, «1764» бырагырааманан 277 урбаанньыт 0,929 миллиард солкуобай суумалаах үбү ылбыт.

100-тэн тахса хампаанньа «1764» чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин бырагырааматын уонна Национальнай гарантийнай систиэмэ көмөтүнэн, эбии үбү ылбыттар. Бу бырагыраамалар инвестиционнай бырайыактары үлэлэтэргэ эмиэ туһалаахтар.

2023 сылга  «Малое и среднее предпринимательство» национальнай бырайыак көмөтүнэн, урбаанньыттар барыта 9,2 миллиард солкуобайдаах көмөнү ылбыттар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: