Былаас уорганнара уонна уопсастыбанньыктар биир сүбэнэн үлэлииллэр

Share

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сэтинньи 25  күнүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ийэлэрин кытары көрсүһүүгэ Саха сиригэр быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга көмө миэрэлэр тэрээһиннээхтик ыытыллалларын бэлиэтээбитэ.

Дьокуускай куорат Орджоникидзе 10 аадырыһыгар баар Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйөбүлү оҥорор кииҥҥэ  волонтерунан үлэлиир Антонина Дамбуева уопсастыбанньыктар үлэлэрин туһунан бу курдук кэпсиир:

Биһиги 70-чалаах уонна онтон саастаах ийэлэр, эбээлэр мустан, бэйэбит баҕабытынан улуустартан уонна тэрилтэлэртэн кэлэр гуманитарнай көмөнү наардыыбыт, араарабыт. Сүрүннээн аптечкаларга эмтэри хаалыыбыт, тигиллибит ичигэс таҥастары, «сухой паегу» аттарабыт, араарабыт. Аттыбытыгар иистэнньэҥнэр үлэлииллэр. Кинилэр утуйар мөһөөччүктэри, ичигэс ис таҥастары тигэллэр. Улуустартан эмиэ ийэлэр, эбээлэр бэйэлэрин саптарынан баайыы наскы өрөн ыыталлар, ас-таҥас дьааһыгынан күн аайы кэлэ турар. Биһиэхэ  тэрилтэлэртэн 2-4 киһини көмөҕө биэрэллэр. Онон күҥҥэ уонча киһи үлэлиибит. Бары бэйэбит баҕа санаабытынан волонтердуубут. Мин манна үлэлээбитим ыйтан орто. 

Бу маннык Антонина Дамбуева курдук ийэлэр, эбээлэр эрэгийиэннээҕи былаас уорганнара анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэригэр  бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн кыттыһар буолан, былаас уонна уопсастыбанньыктар үтүмэн үлэни биир сүбэнэн оҥороллор. Ол да иһин  үлэ бу уопутун Арассыыйа Аҕа баһылыга атын киин куораттарга тарҕатар соругу туруорда.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…

39 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

31 минута ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

45 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago