Быстах ардах, күүстээх тыал, тоҥоруу

Быстах ардах, күүстээх тыал, тоҥоруу

Ааптар:
22.08.2024, 07:00
Хаартыска: Василий Прокопьев
Бөлөххө киир:

Саха сирин синоптиктара бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр,  үгүс улуустарынан сылаас күн буоларын уонна ардах түһэрин билгэлииллэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ хотугулуу-арҕаа, киин улуустарга, соҕуруу кыралаан ардыыр, сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Кыра тыаллаах, этиҥнээх ардах кэмигэр, Анаабыр кытылынан, Булуҥ улууска сөкүүндэҕэ 15-18 м/с түргэннээх күүстээх тыалырыа.

Салгын температурата  түүн  +9+14°С, былыта суох буоллаҕына +3+8°С, хотугулуу-илин -2,+3°С, күнүс +19+24°С, хотугулуу-илин +10+15°С, соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа +21+26°С кыраадыс сылаас.

Дьокуускайга салгын температурата түүн +9+11°С, күнүс +20+22°С кыраадыс сылаас. Түүн сөҥүүтэ суох, күнүс быстах ардыыр, этиҥнээх ардах түһэрэ сабаҕаланар. Соҕуруулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 3-8 м/с түргэннээх тыаллаах, күнүс сөкүүндэҕэ 5-10 м/с түргэннээх тыалырыа.

+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
4
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: