Чинэкэ олохтоохторо оскуоланы, успуорт саалатын туруорсаллар
CӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыллааҕы үлэтин Бүлүүгэ Өкүндү олохтоохторугар билиһиннэрэн, дьон-сэргэ санаатын истэн, ыйытыыларыгар хоруйдаан баран, Чинэкэҕэ кэллэ.
Манна даҕатан эттэххэ, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирэ А.А.Александров салайааччылаах бөлөх бу күннэргэ нэһилиэктэринэн бөлөҕүнэн арахсан үлэлиир. Өкүндүгэ, Чинэкэҕэ бөлөҕү СӨ Экэниэмикэ миниистирин солбуйааччы И.Е.Елисеев салайан илдьэ сылдьар. Бөлөххө нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууну тэрийэр департамены салайар Дь.А.Чичахов, СӨ уопсай үөрэхтээһин департаменын салайар С.В.Иванов, Чинэкэ баһылыга А.С.Амбросьев, уо.д.а. бааллар.
Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы бөлөҕү салайааччы И.Е.Елисеев билиһиннэрбитин кэнниттэн, кэпсэтиигэ, ыйытыыга, санаа атастаһыытыгар, туруорсууга киирдилэр.
Доруобуйа харыстабылыгар болҕомто улааппытын бэлиэтээн туран, мэдиссиинэ каадырынан хааччыллыы боппуруоһугар тохтоотулар. Маныаха, уопсайынан өрөспүүбүлүкэҕэ мэдиссиинэ каадырынан хааччыллыы кэнники сылга лаппа тупсан иһэрэ этилиннэ. Манна даҕатан, ааспыт сылга улууска үрдүк уонна орто үөрэхтээх исписэлиистэр кэлбиттэрин, Кыһыл Сыырга, Сатаҕайга, Бүлүүгэ, Бөтүҥҥэ үлэлии барбыттарын бэлиэтээтилэр. Оҕолор үөрэхтэрин бүтэрэн кэллэхтэринэ, улууһу каадырынан хааччыйыы боппуруоһа быһаарыллыаҕа диэн буолла. Оттон билиҥҥитэ кинилэргэ улуус кииниттэн нэдиэлэҕэ биирдэ оҕо бырааһа уонна терапевт кэлэн көрөллөр.
Оскуола дириэктэрэ А.Васильев учууталлар хамнастара сыана үрдүүрүн сиппэт диэн этэр. Ол иһин, атын үлэҕэ баралларын, түмүгэр сорох олус наадалаах биридимиэттэргэ учууталлар тиийбэттэрин бэлиэтиир. Манна болҕомтолорун ууралларыгар эттэ. Маны сэргэ, оскуола тутуутун боппуруоһун көтөхтө.
-Быйыл оскуолабыт 95 сыла. Аны биэс сылынан 100 сылбыт буолуоҕа. Бигэ эрэллээхпит, отчуокка истэн төгүрүк даатаҕа көмөлөһүөхтэрэ, аны биэс сылынан саҥа оскуолаҕа үбүлүөйдүөхпүт диэн эрэнэбит, — диир кини. Итини таһынан оскуола дириэктэрэ гараас тутуллара хайаан да наадатын ыйда. Кини ыйытыылара, туруорсуулара барыта олус наадалааҕын тоһоҕолоон туран, боротокуолга киллэрэллэригэр көрдөстө.
Усупорду өрө туппут нэһилиэк билигин биир да успуорт саалата суоҕа эмиэ ахтылынна. Онон олохтоохтор киэҥ-куоҥ успуорт саалата тутуллуоҕун баҕаралларын биллэрдилэр. Бу боппуруоска нэһилиэк дьокутаата А.П.Михайлов тохтоото:
-Биһиги нэһилиэкпит мадьынылара өрөспүүбүлүкэҕэ икки төгүл чөмпүйүөн үрдүк аатын ылан тураллар. Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр чөмпүйүөн мадьыныларбыт бу быыкаайык саалаҕа эрчиллэллэр. Тириэньэрдэрэ кыһамньылаахтык, сыралаһан эрчийэн таһаарда. Онон туох да мөккүөрэ суох саала наада, — диир кини.
Маны таһынан, өртөөһүн, уот-күөс ситимин саҥардан оҥоруу, оҥорон таһаарыыны тэрийии туһунан ыйыталастылар.
Хаартыскаларга ааптар түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: