Салгыы
Чульмаҥҥа оҕо өлбүт дьыалатынан Силиэстийэлиир управление суһал салаата дьарыктаныаҕа

Чульмаҥҥа оҕо өлбүт дьыалатынан Силиэстийэлиир управление суһал салаата дьарыктаныаҕа

Ааптар:
10.10.2024, 08:00
Хаартыска: Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Чульмаҥҥа дьэллик ыттар кыыс оҕоҕо саба түһүүлэринэн Силиэстийэлиир управление суһал дьыалаларга салаата дьарыктаныаҕа. Силиэстийэ хаамыытын Арассыыйа силиэстийэлиир кэмитиэтин киин аппараата хонтуруоллуур. Бу туһунан Арассыыйа СУ СК Саха сиригэр салайааччытын старшай көмөлөһөөччүтэ Надежда Дворецкая иһитиннэрдэ.

«Силиэстийэлиир дьайыылары Силиэстийэлиир управление суһал дьыалаларга иккис салаата дьарыктанарыгар сорудах бэрилиннэ. Силиэстийэ хаамыытын Арассыыйа силиэстийэлиир кэмитиэтин киин аппараата хонтуруоллуур», — диир Надежда Дворецкая.

Алтынньы 7 күнүгэр Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр 12 саастаах кыыс оҕоҕо дьэллик ыттар саба түспүттэрэ. Ол түмүгэр кыыс алтынньы 9 күнүгэр балыыһаҕа тыына быстыбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: