Салгыы
CҮБЭҺИТ: Ипотека төлөбүрүн хайдах аччатабыт?

CҮБЭҺИТ: Ипотека төлөбүрүн хайдах аччатабыт?

Ааптар:
05.10.2024, 16:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бастатан туран, кирэдьиит болдьоҕун улаатыннарыы суотугар ыйдааҕы төлөбүрү аччатыахха сөп диэн эспиэрдэр сүбэлииллэр.

«Ипотеканы төлөөһүҥҥэ ыарахаттары көрсүбүт буоллаххытына, олорор дьиэни харыстыырга уонна үп хабалатын чэпчэтэргэ хас да ньыма баар», — диэн ипотечнай киин салайааччыта Анна Цыбина кэпсээбитин «Газета.ру» суруйар.

Бастатан туран, кирэдьиит болдьоҕун улаатыннарыы суотугар ыйдааҕы төлөбүрү аччатарга көрдөһүү сайабылыанньа толоруохха сөп. Маны таһынан ипотеканы рефинансирование кыаҕын туһанан, ордук табыгастаах усулуобуйалаах атын бааҥҥа көһөрүөххэ, ону кытта эбии үбү-харчыны ылыахха сөп. Итини кытта кирэдьиит сынньалаҥын туһунан эмиэ болдьоһуохха наадалаах: төлөбүрдэри быстах кэмҥэ көһөрүөххэ сөп, ол эрээри бу ньыма кирэдьиит историятыгар сабыдыаллыырын учуоттааҥ.

Саамай билиҥҥи табыгастаах ньыманан олорор дьиэни атыылаан баран, атын табыгастаах дьиэни атыылаһарга сүбэлииллэр. Бу билиҥҥи ипотеканы сабарга уонна ыйдааҕы төлөбүрдэри аҕыйатарга көмөлүүр.

+1
2
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: