Дьэ сыана да сыана

Дьэ сыана да сыана

Ааптар:
17.11.2024, 13:30
Анивера Акимова хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ куобах этин амсайаары гынан, Бааһынай ырыынагын диэки бардыбыт. Бу күһүҥҥү курдук буолбатах, эт ас дэлэйбит.

Арай, куобаҕым сыаната адьас ырааппыт,  устууката 2500 солк., сүлүллүбэккэ тириитинэн сылдьара. Былырыын 1500-2000 солк. сүлүллүбүтү ылан син амсайыллыбыта ээ. Куорат дьиэтигэр кыбартыыраҕа сүлэр манан аҕай дьыала буолбатах, уруккум эбитэ буоллар, син ааһан иһэн ”дьаһайыам” этэ. Билигин сааһыран, били тарбахтарым сүһүөхтэрэ ыалдьан, харах-көс да көрөрө мөлтөөн, аны ол сүлэр үлэ букатын кыаллыбат буолан турар. Дьэ онон ол 2500 солк. куобаҕы ылбатым, ымсыырбыт санаабын киэр кыйдаатым.

Ол сылдьан, аны улар, куртуйах сыаналарын көрөөччү буоллубут. Улар 3000 солк, оттон куртуйах 800 солк. эбиттэр. Онон эмээхсимминиин син  тырыта-хайыта тыытан үргүөхпүт диэн, 800 солк. куртуйаҕы ыллыбыт. Сэлиэйдээтэххэ эҥин, син биир күөс буолар ини дэстибит.

Аны собо аймахха кэтиллэ түстүбүт. Сыаната араас буолла. Дьоҕус бычаах сыаната киилэтэ – 200-250 солк, орто соҕус – 300 солк,  олох бөдөҥө 450-500 солк. диэн сытыы-хотуу атыылааччылар бэрт түргэн үлүгэрдик быһааран биэрдилэр. Этэргэ дылы, күүстэринэн да кэриэтэ ботуоҥкабытыгар уган биэриэх курдук үлүгэрдэр. Аныгы олох сиэринэн буолуо, саҥаран-иҥэрэн, өрө биэрэн сүрдээхтэр. Ылбаппыт, сыаналарын ыйыталаһабыт дии турдахха, күүс өттүнэн сыҥалааһын сатаммат дьыала буоллаҕа. Аматын да  иһин. Саастаах дьоҥҥо убаастабыл аччаары гыммыт дуу дии санаатым. Харахтарыгар оччо айылаах харчы кыбыллыбыт дуу?

Куртуйахпыт оҕотун кыбынан баран дьиэлээтэхпит дии. Убаһа, ынах этин улаханнык көрө да, ыйыталаһа да барбатыбыт. Кыратык ундаардан көрбүтүм, олох ытырар сыана курдуга. Күтүөт уол, өрүс суола аһылыннаҕына, ирээккитин киллэриэм диэн үөрдүбүтэ.

+1
8
+1
1
+1
0
+1
0
+1
3
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
17 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: